Сталинград иһин кыргыһыыга Саха сириттэн 10 тыһ. кэриҥэ киһи, ол иһигэр биһиги Бүлүүбүтүттэн 100-чэкэ киһи хорсуннук сэриилэспиттэрин баар чахчылартан билэбит. Кинилэртэн 43 буойун төрөөбүт алаастарыгар, алаһа дьиэлэригэр Кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэн, норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Элбэхтэн аҕыйах холобуру эттэххэ: Бүлүү улууһун, куоратын бочуоттаах олохтооҕо, элбэх уордьан, мэтээл кавалера, Сталинград кыргыһыытын кыттыылааҕа, ыраах тэбэр артиллерийскай орудия расчетун командира Е.П.Бубякин сатабыллаах салалтатынан Бүлүү сириттэн талыллан сэриилэспит 5 бойобуой доҕотторунаан Бэрлиҥҥэ тиийэ хорсуннук сэриилэспиттэр уонна бары дойдуларыгар тыыннаах эргиллэн кэлбиттэр. Кинилэр бойобуой албан ааттаах суоллара үйэлэр тухары Бүлүү куорат аатын кытта мэлдьи ааттана, ахтылла туруоҕар эрэнэбит.
Миитиҥҥэ тыл эппит улуус баһылыга С.Н. Винокуров, куорат дьаһалтатын социальнай боппуруостарга кылаабынай специалиһа М.А. Саввинова, ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын отделын салайааччыта Н.Н. Харлампьев Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Сталинград кыргыһыытын суолтата сэрии историятын биир өлбөөдүйбэт дьоһун кэрчигэ буолан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ахтылла туруоҕун тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Салгыы миитин кыттыылаахтара Албан аат музейыгар киирэн экспозициялары, стендэлэри көрдүлэр. Музей сэбиэдиссэйэ К.Е. Саввинова Сталинград кыргыһыытыгар кыттыбыт, сэриилэспит биир дойдулаахтарбыт тустарынан саһарбыт, буорах сыттаах хаартыскалары көрдөрө-көрдөрө сиһилии кэпсээтэ, боппуруостарга эппиэттээтэ.