Наадалаах биэнсийэ баалын хомуйан баран, биэнсийэҕэ тахсар сааскын туолаат буолбакка, аҕыс сыл буолан баран сайабылыанньалаах тиийиэхтээххин, оччоҕуна икки бүк үрдүөн сөп.
Биэнсийэни ыйга 100 тыһ солк диэри улаатыннарыахха сөп, ый аайы 230 тыһ солк итэҕэһэ суох хамнастаах буоллаххына. Бу суума нолуок көҕүрүү илигинэ ааҕыллар. Оччотугар 625 биэнсийэ баалын ылаҕын. Өссө биир быһаарыы — үлэ ыстааһа 62,5 сылтан итэҕэһэ суох буолуохтаах. Ол туһунан РИА Новости Россия социальнай пуондатын дааннайыгар олоҕуран кэпсээтэ.
2025 сылга сыл устата муҥутаабыта уонтан элбэҕэ суох биэнсийэ баалын хомуйуохха сөп. Бу ыйга 230 тыһ солк (нолуок көҕүрээбэккэ) хамнастаах буоллахха.