22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Социальнай мэктиэлэргэ 2024 сыллааҕы уларыйыылар, эбиллиилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оҕо саас сылыгар Ил Дархан көҕүлээһиннэрин туһунан «Саха сирэ» саайт суруйда.

2024 сылга Саха сиригэр биллэриллибит Оҕо саас сылыгар Ил Дархан Айсен Николаев оҕолорго анаан тугу көҕүлээтэ?

– Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола олимпиадаларыгар кыайбыт уонна бириистээх миэстэлэри ылбыт үөрэнээччилэр 100-тэн 500 тыһ. солк. диэри суумалаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.

– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолоро орто анал үөрэх кыһатыгар үөрэнэллэригэр 50 тыһ. солк. бэриллиэҕэ.

– 2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн улаатан эрэр оҕолорго аналлаах «Мин бастакы хамнаһым» диэн бырагыраама үлэлиэҕэ. Бу бырагыраама социаль­най хантараакка маарынныаҕа. Култуура, успуорт өттүгэр эмиэ уларыйыылар бааллар.

– 7-13 саастаах үөрэнээччилэр «Карта юного жителя Якутии» каартаны ылыахтара. Бу каарта «Пушкинскай каарта» курдук үлэлиир, манна 5 тыһ. солк. киирэ сылдьар. Бу каартанан түмэллэргэ, тыйаатырдарга, спортивнай сиэксийэлэргэ төлөһүөхтэрин сөп.

– 2024 сылга «Хотугу сулус» оҕо киинэ, өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин билиилэрин хаҥатарга аналлаах тэйиччиттэн үөрэтэр киин, Мииринэйгэ Оҕо дыбарыаһа аһыллыахтара. «Саха» тэлэбиидэнньэтигэр оҕо ханаала аһыллыаҕа.

– 2024 сылга оҕолорго анаан Саха сирин устун айанныыр экскурсионнай, туристическай маршруттар үлэлиэхтэрэ.

Ийэ хапытаалын суумата үрдээтэ

Олунньу 1 күнүттэн федеральнай Ийэ хапытаалын суумата 7,5 %-нан үрдүөҕэ. Маны тэҥэ, бу хапытаал сэртипикээтин туһана илик дьиэ кэргэттэргэ эмиэ үрдүөхтээх.

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 55 540 дьиэ кэргэн сэртипикээттэрин өссө толору туһана иликтэр. Холобур, Ийэ хапытаалын сууматыттан сороҕун эрэ туһаммыт буоллахтарына, хаалбыт чааһа 7,5% үрдүүр.

Онтон биирдэ да туһана илик буоллахтарына, индексация кинилэргэ саамай үрдүк буолар. Ол эбэтэр, сэртипикээттэрин туһана илик дьоҥҥо 44 тыһ. солк. үрдүөҕэ. Онтон кэлин төрөөбүт иккис оҕоҕо үрдэтиллибит Ийэ хапытаала анаммыт уонна ону туһана илик буоллахтарына, индексация 58 тыһ. солк. тэҥнэһэр.

Олунньу 1 күнүттэн федеральнай Ийэ хапытаалын суумата бастакы оҕоҕо – 631 тыһ. солк. буолуоҕа. Иккис оҕоҕо үрдэтиллибит хапытаал – 833,8 тыһ. солк. тэҥнэһиэҕэ.

Маны тэҥэ, Өрөспүү­бүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээн, 300 тыһ. солк. тэҥнэстэ. 2024 сыл тохсунньутуттан үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоро төрөөбүт дьиэ кэргэттэр икки төгүл үрдээбит кээмэйинэн ылыахтара. Өскөтүн дьиэ кэргэн бу хапытаалын сэртипикээтин урут ылан баран, өссө туһана илик буоллаҕына, суумата эмиэ икки төгүл улаатар. Манна 400-тэн тахса мөлүйүөн солк. үбүлээһин көрүлүннэ.

Бу сылтан төрөппүттэр Арассыыйа гражданнара эрэ буоллахтарына, Ийэ хапы­таалын ылар бырааптаахтар. Сэртипикээти ылар быраап­таах аҕалар, Ийэ хапытаалын бэ­­йэлэрин мунньуллар биэнсийэлэригэр ыытыахтарын сөп ­буолла.

Саҥа ыал буолар эдэр дьоҥҥо – харчынан төлөбүр

2024 сыл тохсунньутуттан аан бастаан ыал буолар, 25 сааһын туола илик эдэр дьоҥҥо биирдэ бэриллэр харчынан төлөбүр баар буолла. Бу миэрэ дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатыыга, бөҕөргөтүүгэ, ыал буолууну, оҕо төрөөһүнүн өйүүргэ туһуланар.

Харчынан төлөбүр кээмэйэ уонна бэриллэр усулуобуйата билигин бырабыыталыстыбаҕа, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр быһаарылла сылдьар. Бу көҕүлээһини Ил Дархан Айсен Николаев былырыын от ыйыгар буолбут «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» бэсти­бээл кэмигэр эппитэ.

Көмө суумата 50 тыһ. солк.. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 76,5 мөлүйүөн солк. суума көрүллүөхтээх.

Биэнсийэ 7,5% үрдээтэ

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн кырдьар сааһынан уонна инбэлиитинэн тахсар страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрэ үрдээтэ. Биэнсийэ 1 коэффициена 129,5 солк. 133,1 солк. диэри үрдээтэ, страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрэ 7915,4 солк. 8134,9 солк. диэри үрдээтэ.

Бу миэрэ биэнсийэ таһымын үрдээһинэ инфляция таһымыттан намыһах буол­батын туһугар оҥоһуллар. Үрдээһин үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ сыһыаннаах.

Алтынньы 24 күнүгэр РФ Судаарыстыбаннай Дуумата үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрин 7,5% үрдэтэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар ылыммыта. Онон бэрэсидьиэн илии баттаабытын кэннэ, сокуон күүһүгэр киирбитэ.

Билигин страховой биэнсийэ ылар туһугар кырата 15 сыл үлэ ыстааһа уонна 28,2 биэнсийэ коэффициена наада.

Оҕо төлөбүрдэригэр уларыйыылар

Быйыл тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээн, киин улуустарга, Дьокуускайга: үлэһит киһиэхэ – 24 925 солк., биэнсийэлээххэ – 19 666 солк., оҕоҕо – 23 325 солк. тэҥнэстэ.

Бу сууматтан оҕоҕо бэриллэр биир кэлим босуобуйа кээмэйэ тутулуктаах: I зонаҕа – 13 923,5 солк. (50%), 20 885,2 солк. (75%), 27 847 солк. (100%);  II зонаҕа – 11 662,5 солк., 17 493 солк., 23 325 солк.

Хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйа муҥутуур суумата 383 тыһ. 565 тыһ. солкуобайга диэри үрдээтэ.

Бастакы оҕоҕо биирдэ бэриллэр төлөбүр үрдээтэ: I зонаҕа – 55 694 солк., II зонаҕа – 46 650 солк.

Үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо (2023 сылга диэри төрөөбүт буоллаҕына) 3 сааһыгар диэри ый аайы бэриллэр босуобуйа: I зонаҕа – 27 847 солк., II зонаҕа – 23 325 солк..

Элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга оскуолаҕа бэриллэр төлөбүр үрдээтэ: 4 302 солк.

“100 сыл оҕолоро” хапытаал суумата: 110 тыһ. 775 солк.

Билигин төрөппүттэр уоппускаттан болдьоҕун иннинэ үлэлэригэр таҕыстахтарына, оҕолорун 1,5 сааһыгар диэри босуобуйаны ылар бырааптарын сүтэрбэттэр.

Быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕа суох ыарыһах ылар бо­­суобуйатын кээмэйэ – ыйга 83 тыһ. 122 тыһ. солк. диэри ­улаатта.

Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр үлэлии таҕыстахтарына да, оҕо көрөр төлөбүрдэрин (14 тыһ. солк.) эмиэ ылар ­буоллулар. Ол эрээри, толорута суох үлэ күнүгэр, тэйиччиттэн, эбэтэр дьиэҕэ олорон үлэлиир ­буоллахха диэн усулуобуйалаах.

Социальнай хантараак 500 тыһ. солк. буолла

Социальнай хантараак суумата үрдээн, 500 тыһ. солк. биэрэр буолуохтара. Кэнники 5 сылга дьадайыы таһымыттан 34 тыһ. киһи таҕыста.

Социальнай хантараак – бу көннөрү харчыны биэрии буолбатах, үлэтэ, үөрэҕэ суох киһи идэ ылан, бэйэ дьыалатын арынан, үлэлээх буоларыгар, үлэлээн-хамсаан дьиэ кэргэнин иитэригэр, эбэтэр, кэтэх хаһаайыстыбатын кэҥэтэригэр туһуламмыт көмө буолар.

Сэрии кэмин оҕолоругар – саҥа төлөбүр

Быйылгыттан сэрии кэмин оҕолоругар сыл аайы Кыайыы күнүгэр харчынан төлөбүр төлөнөр буолла. Ил Дархан 2021 сыл муус устар 16 күнүнээҕи 1799 №-дээх ыйааҕар уларыйыылар киирдилэр.

Ол чэрчитинэн, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр төрөөбүт (1927 сыл балаҕан ыйын 3 күнүттэн 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри) оҕолору өйүүр сыалтан, хас сыл ахсын ыам ыйын 9 күнүгэр төлөбүр төлөнүөҕэ.

Сэрии кэмин оҕолоро Саха сиригэр бастайааннай олорор буолуохтаахтар уонна Арассыыйа гражданнара буолаллара ирдэнэр. Өскөтүн, сэрии кэмин оҕото хас да хайысханан сыл­лааҕы төлөбүрдэри ылар буоллаҕына, үрдүк кээмэйдээҕин талан, биирин биэрэллэр.

Төлөбүр кээмэйэ – 3000 солк.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА