Социальнай хантараагы индивидуальнай предпринимателлэр уонна «самозанятайдар» түһэрсиэхтэрин сөп. Ол туһунан #объясняемрф суруйда.
Социальнай хантараак диэн социальнай көмүскэл уоргаттарын кытта сөбүлэҥ сурук түһэрсиитэ буолар. Докумуон киһи дохуоттанарыгар, ыарахан кэми мүччү көтөрүгэр туһалаах диэн суруйаллар.
«Соцконтрагы» олорор сиргинэн социальнай көмүскэл уорганын эбэтэр МФЦ нөҥүө түһэрсиэххин сөп. Онно усулуобуйатын уонна ханнык докумуоннар ирдэнэллэрин этиэхтэрэ. Сайабылыанньаны почтанан эмиэ ыыталлар, сорох регионнарга «Госуслуги» портал нөҥүө эмиэ ылаллар.
«Самозанятайдарга» сүрүн усулуобуйа: региоҥҥа биллэриллибит тиийинэн олоруу кээмэйиттэн дьиэ кэргэн дохуота кыра буолуохтаах. Индивидуальнай предпринимателлэргэ дохуот учуотаммат.
Санатар эбит буоллахха, киһи кулун тутар 1 күнүн кэнниттэн үлэтиттэн уурайбыт уонна үлэтэ суоҕунан ааҕыллар буоллаҕына, дьиэ кэргэн дохуотун ааҕыыга, кини чахчылара учуоттаммат.