23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сорох призывниктары медхамыыһыйаттан босхолуохтарын сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Призывниктар медицина кэтээн көрүүтүн баҕа өттүлэринэн ааһыахтарын сөп, өскөтүн кинилэр «отсрочкаҕа» эбэтэр сулууспаттан босхолонууга доруобуйалара төрүөт буолбатаҕына.  Сокуон барылын Госдума кулун тутар 9 күнүгэр бастакы ааҕыыга ылынна, суруйар «Парламентская газета».


Билигин байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллааччы эдэр киһи медицина кэтээн көрүүтүн ааһар. Доруобуйатын туругунан бэлэмин билэр, диэтэ сокуон барылын ааптардарыттан биирдэрэ, оборуонаҕа кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Красов, кэллиэгэлэригэр докумуону көрдөрөрөрүгэр.

Ити эрээри доруобуйаларын туругунан сулууспаҕа сөп түбэһээччилэр атын биричиинэнэн аармыйаттан «отсрочка» эбэтэр босхолонуу ылыллар. Холобур дьиэ кэргэнин балаһыанньатынан эбэтэр үөрэнэр кэмигэр.

Ол иһин бу эрээккэ киирсээччилэр медицина кэтээн көрүүтүн ааһаллара баҕа өттүнэн буолара ордугун депутаттар эттилэр.

Красов эппитинэн, маннык түгэҥҥэ хамыыһыйа көрүүтүгэр киирээччи ахсаана 50 бырыһыаҥҥа тиийэ түһүөхтээх. Бу бюджекка 850 мөл солк экономиялыыр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА