Үлэ министиэристибэтэ Арассыыйа олохтоохторун Эр санаа үс орденнарын кавалердарыгар социальнай биэнсийэ кээмэйин 330 бырыһыанынан улаатыннарар туһунан сокуон барылын бэлэмнээбитин Российская газета кэпсиир.
Маннык наҕарааданан наҕараадаламмыт дьон ФСБ-га уонна МЧС-ка үлэлииллэр, Сэбилэниилээх күүстэргэ сулууспалыыллар. Билигин анал материальнай хааччыйыыны, Ленин орденнарынан, «аҕа дойду улуу сэриитин II, II уонна IV степеннээх орденнарынан, Ленинскэй бириэмийэ лауреаттара, ССРС государственнай бириэмийэлэрин лауреаттара уонна Российскай Федерация (РСФСР) государственнай бириэмийэлэрин лауреаттара ылаллар. Быһата, Арассыыйа иннигэр ураты өҥөлөөх дьон.
Эр санааланыы орденнар кавалердарын эбии ыйдааҕы материальнай хааччыйыыга 2023 сылга федеральнай бүддьүөттэн 51,6 мөл. солк., 2024 сылга-54,1 мөл., оттон 2025 — 57,6 мөл. солк. көрүллэрэ сабаҕаланар.