«Смотри, это Россия!» бэһис Россиятааҕы куонкуруска видеороликтар киирэ тураллар. Бүгүн 277 сайаапканы дойду 59 регионуттан тэрийээччилэр туттулар, ол иһигэр ДНР уонна ЛНР. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Үбүлүөйдээх сезон Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар ананар.
Сайаапка биэриигэ үс мүнүүтэттэн ордуга суох уһуннаах видеонан аккырыыкка оҥоһуллар уонна RuTube порталга ыытыллар.