21 Сэтинньи 21.11
  • -27°
  • $ 100,22
  • 105,81

Үөскэ таас үөскээһинин кутталын туһунан быраас кэпсээтэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Үөскэ таас үөскээһиниттэн өлүү 50%. Таас баарын өр кэмҥэ биллэрбэт, ити эрээри доруобуйаҕа кутталы аҕала сылдьар, искэни кытта үөскэтиэн сөп. Ол туһунан «Известияҕа» Таганкаҕа баар «Креде Эксперто» клиника хирург бырааһа Леонид Люлько кэпсээтэ.

«Бастатан туран, таас үөс истиэнкэлэрин эчэтиэхтэрин, салгыы сүһүрүү барыан сөп. Бастаан инфекцията суох, онтон ириҥэриэн сөп. Рецидив үөс перитонитыгар тириэрдэр, салгыы ириҥэлээх үөс ис көҥдөйүгэр тарҕанар», — диэтэ эксперт.

Быраас этэринэн, ириҥэрдэҕинэ ыарыһах күүскэ ыалдьар, температурата тахсар.

Леонид Люлько эппитинэн, таас үөс истиэнкэтин куруук эчэтэр буоллаҕына, сүһүрүүттэн саҕалаан, куһаҕан искэҥҥэ кубулуйуон сөп. Маны сэргэ, таас саһаран ыарыыга аҕалан, быар күүстээх ыарыытын биллэрэр. Быраас эбэн эппитинэн, үөс тааһыттан ноор ыалдьар — панкреонекроз үөскүүр.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА