Россияҕа сотору кэминэн «Сила Сибири-2» гаас ситимин тутуу саҕаланыаҕа, маны сэргэ кини Монголиятааҕы учаастак — «Союз-Восток». Бу туһунан «Российская энергетическая неделя» форумҥа Владимир Путин эттэ.
Президент бэлиэтээбитинэн, дойду гааһы тириэрдиитин географиятын кэҥэтэр былааннаах.
«Сотору кэминэн инфраструктура сүрүн эбийиэктэрин быһаарсыахпыт. Тутуутун саҕалыахпыт, «Сила Сибири-2» уонна кини Монголиятааҕы Союз-Восток учаастагын киллэрэн туран», — бигэргэттэ президент.
Маны сэргэ, судаарыстыба баһылыга «Севернай потоктан» «Чернай муораҕа» уонна Турцияҕа гаас транзитын сыҕарытар кыах баарын бэлиэтээтэ.
«Гааспыт Европаҕа тиийэр сүрүн маршрутун Турциянан эргитиэхпитин сөп, Турцияҕа Европаҕа анаммыт бөдөҥ гаас хабын оҥорон», — диэтэ кини.
Путин маннык быһаарыыга экономическай толкуй баарын уонна бу түһүмэххэ куттал суох буолуута ордугун бэлиэтээтэ.
Хаартыска: РИА Новости / Алексей Майшев