Амма улууһугар 2018-2022 сылларга сүөһү турар 7 комплекса тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Бу тутуулары ыытыыга уопсайа 121 881,83 тыһ. солк субсидия кэлбитэ. Ол иһигэр федеральнай бюджеттэн 19583, 9 тыһ солк. Ол иһигэр «Болугур» хаһаайыстыбаҕа эмиэ саҥа хотон киирбитэ.
“Болугур” тыа хаһаайыстыбатын кооперативнай хаһаайыстыбата 2020 сыллаахха саҥа аныгылыы тииптээх хотону үөрүүлээхтик аспыта. Бу иннинэ сииктээх, эргэ хотоҥҥо үлэлии сылдьыбыт үлэһиттэр үөрүүлэрэ муҥура суох этэ.
“Бу хотоммутугар билигин 120 ынах сүөһү кыстаан турар. Тутуу 2019 сыл бэс ыйыгар саҕаланан баран 2020 сыл бэс ыйыгар бүтэн, кыстыкка саҥа хотоҥҥо киирбиппит. Хотоммут сырдык, киэҥ-куоҥ. Бэйэтэ автопоилкалаах, үүт сойутар туспа хостоох. Ону сэргэ үлэһиттэр душтанар уонна сынньанар сирдээхтэр. Толору хааччыллыылаах. Туспа модульнай хочуолунайдаах. Хотону “Элмар” ХЭТ туппута, бырайыагын “Якутагропромпроект” тэрилтэ оҥорбута. Тыа сиригэр маннык сүөһү турар комплекстара үбүлэнэн тутуллар буолбуттара үлэ тахсыылаах буоларыгар күүс-көмө буолар. Инникитин өссө икки уочарат тутуутугар үлэлэһэбит”, — диэн этэр хаһаайыстыба экэнэмииһэ Саргылана Ксенофонтова.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат