Саха сирин бэтэринээринэй сулууспатын дааннайдарыгар олоҕурдахха, өрөспүүбүлүкэ 26 оройуонугар сиибиир бааһыттан (сибирская язва) өлбүт сүөһүлэри 285 сиргэ көмпүттэрэ биллэр. Итинтэн 16 оройуоҥҥа 77 көмүү ханна баара чопчу биллэр. Ити көмүүлэри быраабылаҕа сөп түбэһэр гына оҥорбуттара.
208 көмүү тырааныспар тиийбэт, нэһилиэнньэлээх пууннартан ыраах бааллар.
Сибиир бааһа Саха сиригэр 1890 саҕаланыыта үөдүйэ сылдьыбыта. 1950-1988 сылларга сүөһүлэр кыралаан ыалдьыбыттара биллэр. Ыарыы бүтэһик түбэлтэтэ 1993 сыллаахха бэлиэтэммитэ. Быһылааннар кэннилэриттэн дьиэ өлбүт кыылларын умаппыттара уонна умайбыт кырамталары хлордаан баран 1 м. дириҥнээх аппаларга көмпүттэрэ.
Биологическай хаалыылары харайыыны сүрүннүүр федеральнай сокуон суоҕунан, Саха сирин бырабыыталыстыбата 2014 сыллаахха суол каартатын оҥорбута. Көмүүлэри көрүү-истии муниципальнай тэриллиилэр боломуочуйаларыгар бэриллиэҕэ.
Сибиир бааһа тарҕамматын туһугар ыарыыны эрдэттэн сэрэтии үлэтэ күүскэ ыытыллар. 2016 сыл алта ыйдааҕы түмүгүнэн 138 773 төбө сүөһүгэ, 36 923 сылгыга, 1056 дьоҕус сүөһүгэ, 71 429 табаҕа, 14 762 сибиинньэҕэ быһыы оҥоһуллубут.
Ыарыыны эрдэттэн сэрэтии үлэтэ үчүгэйинэн өрөспүүбүлүкэҕэ эпизоотическэй быһыы-майгы бигэ.