Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэринээринэй департамена сибиинньэ африканскай чумата диэн ыарыытын эмтииргэ уонна тохтоторго туһуламмыт үөрэхтээһини ыытта. Бу үөрэхтээһин ыаллыы сытар Амурскай уобаласка икки уонна Арассыыйаҕа 35 актыыбынай өрө туруу бэлиэтэммитинэн оҥоһулунна.
Үөрэхтээһин холобурунан (легенда) Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар баар кэтэх хаһаайыстыбаҕа «үс сибиинньэ ыалдьан өлбүт». Куорат ветуправлениетын исписэлиистэрэ миэстэтигэр тиийэннэр, өссө «биэс ыалдьыбыт сибиинньэни булбуттар». Сибиинньэлэр бары африканскай чуманан ыалдьыбыттара «биллибит».
Сибиинньэ африканскай чумата (АЧС) үрдүк контагиознай вируснай ыарыы. Сүрдээх түргэнник тарҕанар, сүһүрдэр уонна сибиинньэ түргэнник өлүүтүгэр тиэрдэр. Бу ыарыыны сэрэтэр эбэтэр эмтиир вакцина суох. АЧС киһиэхэ куттала суох. Ол эрээри сибиинньэни иитэр хаһаайыстыбаларга улахан экономическай хоромньуну аҕалар.
Маныаха бэтэринээринэй сулууспа үлэһиттэрэ бөлөхтөрүнэн арахсан анал ыйыллыбыт сирдэринэн «үлэлээтилэр». Кинилэр ыарыы эпизоотическай очагын буланнар, тиэйэн ылыыны, биологическай матырыйаал боруобатын чинчийэн, араас дезинфекционнай тиэхиньикэни, тус харыстанар миэрэлэри туһанан эмтээһини ыытан, туһааннаах докумуону оҥорон, ыарыыны мэлитэр үлэни көрдөрдүлэр.
Бу үөрэхтээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бэтэринээринэй сулууспатын 80 исписэлииһэ кытынна. Уус Алдан улууһун бэтэринээринэй сулууспатын начаалынньыга Степан Жирков, бэтэринээринэй үлэни тэрийэр отдел сүрүн ветбырааһа Иван Саввинов, Бороҕон сэлиэнньэтин бэтэринээринэй пуунун сэбиэдиссэйэ Александр Назаров кытыннылар. Кинилэр кыттыбыт бөлөхтөрө Маҕан, Жатай, Марха, Дьокуускай куорат нэһилиэнньэлээх пууннарынан үлэлээбит.
Тэрээһин түмүгүнэн исписэлиистэр сөптөөх, суһал көмөнү оҥорон, экспердэр үчүгэйдик сыаналаатылар. Кэлэр сылга маннык үөрэхтээһини оройуоннар икки ардыларыгар ыытарга былаанныылларын СӨ бэтэринээринэй департаменын салайааччыта Петр Петров иһитиннэрбит.
Ольга Шепелева, Мүрү Саһарҕата