13 Кулун тутар 13.03
  • -29°
  • $ 86,62
  • 93,97

«Север Авто» хампаанньа аан бастаан Саха сиригэр анал полигоҥҥа шиналары бэрэбиэркэлиир

11:01, 27 февраля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Якутия» ТОР территориятыгар чинчийэр полигонугар массыына шиналарын тестыыр сезона саҕаланна. Быйыл бастакытын «Север Авто» хампаанньа ыытар, Россияҕа биир бөдөҥ шинаҕа дистрибьютор. Икки трасса баар: муус уонна хаар.

«Север Авто» маркетиҥҥа департаменын табаар маркетинын хайысхатыгар салайааччы Виктор Сабынин бэлиэтээбитинэн, регион килиимэтэ уонна полигон кыаҕа чинчийиини ыытарга олус табыгастаах. Аҕыс кыһыҥҥы куйахтаах араас маарка шина кэмпилиэгэ аҕалылынна.

«Север Авто» сакааһынан факультет Капитоновка чугаһынан Круглое күөлгэ муус уонна хаар трассалары оҥордо. Шиналары түргэн барыыга, туормаска, маневрдааһыҥҥа бэрэбиркэлииллэр, тымныыга хайдах туруктаналларын көрүөхтэрэ. Бу нэдиэлэҕэ түмүгү таһаарыахтара.

«Чинчийии европейскай стандартар ирдэбиллэригэр эппиэттииллэр, сылын аайы биһиги үрдүк хаачыстыбаны көрдөрөбүт», — диэтэ ХИФУ полигонун дириэктэрэ Иван Ноев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА