23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сэтинньи 7 күнэ. 1917 сыллааҕы Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ историяҕа киирбитэ - Бикипиэдьийэ

08:50, 07 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн сэтинньи сэттистиир күнүгэр Россияҕа 1917 сыллааҕы Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ бэлиэтэнэр. Дойдулар ардыларынааҕы инуит (эскимос) күнэ. Кыргыстааҥҥа Устуоруйа уонна өбүгэлэри кэриэстээһин күннэрэ (сэтинньи 7-8). 1916 сыллаахха буолбут Орто Азиятааҕы өрө туруу кэриэстэбилэ.


Түбэлтэлэр

  • 1891 — Америка айааччыта Уиткомб Лео Джадсон тардыы тимэх (молния, zipper) бастакы барылын патеннаабыт. Онтуката сатала суох буолан, Джадсон тардыы тимэҕин салгыы сайыннарбыт. 1924 сыллаахха биирдэ маннык тимэх силигэ ситэн киэҥник тарҕаммыт.
  • 1917 (эргэ истиилинэн алтынньы 25) — Арассыыйаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэПетроградтааҕы Байыаннай-революционнай кэмитиэт «Арассыыйа гражданнарыгар» ыҥырыыта тахсыбыт. Ыҥырыыга Быстах кэмнээҕи бырабыыталыстыба эстиитэ уонна былаас Байыаннай-революционнай кэмитиэккэ көһүүтэ этиллибит.
  • 1918 — Испанка гириип Чуумпу далайга баар Арҕаа Самоа арыытыгар тиийбит. Икки ый иһигэр дьон 20 бырыһыана, 7 542 киһи, ыалдьан өлбүт. Бу аан дойду үрдүнэн саамай куһаҕан көрдөрүү эбит. Онтон ыаллыы сытар Америка Самоатыгар (Илин Самоаҕа) кытаанах карантин олохтообуттарын түмүгэр биир да киһи өлбөтөх.
  • 1920 — «Саха омук» культурнай-сырдатар уопсастыба тэриллибит, бу иннинэ «Оросин саагыбарынан» сибээстээн сабыллыбыт «Саха аймах» уопсастыбаны солбуйбут. «Саха омук» сыала-соруга: Саха сирин култууратын күүһүн түмэн саха норуотун култууратын таһымын, омук быһыытынан бэйэни өйдөөһүнүн өрө көтөҕүү; өй-санаа уонна эт-хаан өтүнэн сайдыытыгар көмө; саха устуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын, майгытын уонна үгэстэрин үөрэтии; сөптөөх, туһалаах көр-нар тэрийии; былыргы кэм мэҥэлэрин харыстааһын; саха тылын сайыннарыы; учебниктары таһаарыы; сахалыы оскуолалары арыйыы уо.д.а.
  • 1930 — Саха араадьыйата аан бастаан «Саҥарар Дьокуускай» диэн тылларынан саҕалаан сахалыы тахсыбыт.
  • 1931 — Мао Цзэдун Кытайга сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэни тэрийбит. Бу өрөспүүбүлүкэ хомуньуустар хонтуруоллуур Кытай сорох оройуоннарыгар үс сыл, 1934 сыллаахха диэри, үөскүү сылдьыбыт. Онтон хомуньуустар «Уһун Айаҥҥа» турунан хоту көспүттэрэ.
  • 1941 — Москуба кыргыһыытын кэмигэр Кыһыл болуоссакка Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 24-с сылын бэлиэтиир байыаннай парад буолбут. Бу парад сэрии саамай ыарахан түгэнигэр Кыһыл Аармыйа уонна норуот сүргэлэрин көтөҕүүгэ улахан суолталаах буолбута.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1883 — Константин Неустроев — Урсик ытыллыбыт — Саха сириттэн төрүттээх бастакы народник-революционер, сахаттан биир бастакы учуонай. 1881 сыллаахха Петербурдааҕы университет физика-математика факультетын ситиһиилээхтик бүтэрбит саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ. Дьыалата быһаарылларыгар ыраахтааҕы Александр III бэйэтинэн кыттыбыта.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА