Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Сэрии уонна сэбилэниилээх айдаан кэмигэр айылҕаны харыстааһын аан дойдутааҕы күнэ.
- Дойдулар ардыларынааҕы киһи илиититтэн өлбүт кыыллар кэриэстэбиллэрин күнэ.
- Таджикистан — Конституция күнэ.
- Татарстаан (Арассыыйа) — Конституция күнэ.
- Узбекистан — Култуура үлэһитин күнэ.
- Финляндия — Швед култууратын күнэ.
- Швеция — Адольф Густав күнэ. Бу «Хотугу Хахай» уонна «Хаар Хахайа» диэн ааттаммыт, элбэх тылы билэр үөрэхтээх хоруол 20 сыллаах салайыытын кэмигэр Швеция күүскэ сайдыбыта, Европа дойдуларын кытта тэҥ таһымҥа тахсыбыта, норуот сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Наполеон кинини былыргы улуу полковдецтары кытта тэҥҥэ туруорар
- Нүөрүнгүрү куорат күнэ
Түбэлтэлэр
- 1612 — Трубецкой уонна Пожарскай кинээстэр Москуба Кириэмилигэр кыайан-хотон киирбиттэр. Москуба саарыстыбатыгар «Дьалхааннаах кэм» сүнньүнэн түмүктэммит.
- 1632 — Швеция хоруола Густав II Адольф («Хотугу Хахай») ньиэмэстэри кытта кыргыһыыга өлөрдүү бааһырбыт.
- 1736 — Михаил Ломоносов Марбург университетыгар үөрэххэ киирбит.
- 1772 — Арассыыйа уонна Осмаан импиэрийэлэрин флоттара Патрас аттынааҕы кыргыһыылара саҕаламмыт.
- 1813 — Чильпансинг кэнгириэһигэр аҕабыыт Хосе Мария Морелос Миэксикэни Испанияттан тутулуга суоҕунан биллэрбит.
- 1860 — Авраам Линкольн АХШ бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт. Кини кэмигэр АХШ-ка гражданскай сэрии буолбута. Линкольн АХШ-ка кулуттааһын суох буоларын туһугар үлэлээбитин иһин кинини «Улуу босхолооччу» диэн ааттыыллар. Кулуттааһын диэки буолбут конфедераттар үгүстэрэ хотторбуттарын кэнниттэн кинини саба түһэн өлөрбүттэрэ.
- 1936 — Испанияҕа гражданскай сэрии биир сүрүн түбэлтэтэ — Мадрид иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Бу сырыыга республиканецтар куораты ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ.
- 1943 — Генерал Николай Ватутин салайааччылаах 1-кы Украинскай фронт Украина киин куоратын Киеви ниэмэстэртэн босхолообут.
- 1991 — РСФСР бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин ыйааҕынан хомуньуус баартыйатын үлэтэ тохтотуллубут. Балтараа сылынан 1993 сыллаахха хомуньуус баартыйата сөргүтүллүбүтэ, аата КПРФ диэн буолбута.
- 2008 — Саха тыйаатырыгар Польшаттан төрүттээх икки уһулуччулаах учуонайга Эдуард Пекарскайга уонна Вацлав Серошевскайга аналлаах үөрүүлээх мунньах буолбут.
Төрөөбүттэр
- 1494 — Үтүөкэн Сулейман — Осмаан Импиэрийэтин онус султаана (1520—1566), кини салайар кэмигэр Осмаан Импиэрийэтэ сайдыы муҥутуур чыпчаалыгар тахсыбыта.
- 1937 — Михаил Алексеев — Дапсы — биллиилээх саха лингвиһа, филология билимин хандьыдаата, араадьыйаҕа «Биһирэм тыл» биэрии ааптара.
- 1949 — Виктор Губарев — бэлиитик уонна баартыйа диэйэтэлэ, КПРФ Саха сиринээҕи кэмитиэтин салайааччыта, 1995-2008 сыллардаахха Госдума дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ, Ил Түмэн IV, V, VI ыҥырыыларын дьокутаата.
- 1950 — Василий Васильев — Харысхал — саха народнай суруйааччыта, драматург, прозаик.
- 1959 — Валерий Васильев — этнограф, саха мифологиятын, итэҕэлин (ойууннааһыны) чинчийэр учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1968 — Раиса Кузьмина — эбээн тылын чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
- 1982 — Айталина Кузьмина — филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
- 2010 — Мария Гаврилова — ирбэт тоҥу уонна климаты чинчийбит учуонай, география билимин дуоктара, СӨ Наукаларын академиятын академига. Саха сирин 1920-с сыллардааҕы ил уонна түмэт диэйэтэлин, репрессияламмыт Кузьма Гаврилов кыыһа.