Моруос Оҕонньор төрөөбүт күнэ Улуу Устюгка тымныылар саҕаланалларын кытары ситимнээх.
Бүгүн Латвияҕа тутулуга суох буолуу, Узбекистаҥҥа дойду былааҕын күннэрэ.
1920 сыллаахха Арассыыйаҕа аан дойдуга бастакынан аборт көҥүллэммит.
1937 сыллаахха физико-математическай наука дуоктара, профессор Гермоген Крымскай төрөөбүт.
Бу күн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Владимир Лонгинов, археолог, академик Алексей Окладников күн сириттэн күрэммиттэр.
Сэтинньи 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 322-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 323-c күнэ). Сыл бүтүө 43 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Арассыыйа — Моруос Оҕонньор төрөөбүт күнэ. Бу күнү-дьылы Улуу Устюгка баччаҕа тымныылар саҕаланалларын иһин талбыттар.
- Латвия — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Узбекистан — Дойду былааҕын күнэ.
- Украина — Украина Сэбилэниилээх күүстэрин сержанын күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1723 — Екатеринбург куората олохтоммут күнэ. Бу күн ыраахтааҕы Бүөтүр I ыйааҕынан Исеть өрүһүгэр тутуллубут тимир уһаарар кириэппэс-собуот үлэтин саҕалаабыт, бастакы тимир баартыйата оҥоһуллубут. Кириэппэс-собуот императрица Екатерина I аатынан ааттаммыт.
- 1916 — Аан дойду бастакы сэриитин Арҕаа фронугар биир саамай улахан хаан тохтуулаах кыргыһыы — Сомма кыргыһыыта — түмүктэммит. 1916 сыллааха буолбут арҕаа фроҥҥа Сомма уонна Верден кыргыһыылара, ону кытары Илин фроҥҥа буолбут Брусилов кимэн киириитэ сэриигэ стратегическэй инициативаны Антанта өттүгэр оҕуннарбыттар. Элбэх ресурсалаах Антанта дойдулара ыарахан кыргыһыылар кэннилэриттэн сүүйүүлээх балаһыанньаҕа тахсыбыттар.
- 1920 — «Дьахтар доруобуйатын харыстабылын туһунан» диэн РСФСР Доруобуйа харыстабылын уонна Юстиция наркоматтарын холбоһуктаах уураахтарынан Арассыыйаҕа аан дойдуга бастакынан аборт көҥүллэммит. 1936-1955 сылларга Сэбиэскэй Сойууска аборт бобулла сылдьыбыта.
- 1927 — Дьарала диэн Арҕаа Хаҥалас сиригэр конфедералистар былаас бэрэстэбиитэллэрин кытта ытыаласпыттар. Бу күн Дьокуускайга «Саха омук» культурнай сырдатар уопсастыба мунньаҕар конфедералистары утарар уонна хомуньуустары өйүүр туһунан уураах ылыммыттар. Сэбилэниилээх күүһү туһанан бэйэлэрин санааларын туруорсуу Саха АССР экономикатыгар уонна култуурунай олоҕор-дьаһаҕар мэһэйдэри үөскэтэрин эппиттэр. Ол гынан баран резолюцияҕа бастаанньаны күүс өттүнэн хам баттыыр туһунан этиилэр киирбэтэхтэр.
- 2004 — Cэтинньи 15-18 күннэригэр Дьокуускайга Польша Өрөспүүбүлүкэтин наукатын уонна култууратын күннэрэ ыытыллыбыттар. Бу күннэр истэринэн «Польша киинэлэрэ» кинофестиваль, «Польша уонна Саха сирин историческай ситимнэрэ» төгүрүк остуол, Национальнай архыып пуондатыттан быыстапка тэриллибит.
Төрөөбүттэр:
- 1937 — Гермоген Крымскай — Арассыыйа, СӨ наукаларын академияларын дьиҥнээх чилиэнэ, 1988—1992 сыллардаахха Саха сиринээҕи Наука киинин Президиумун бэрэстээтэлэ, физико-математическай наука дуоктара, профессор, Саха АССР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1965 — Раиса Лавернова — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна.
Өлбүттэр:
- 1922 — Марсель Пруст — Франция суруйааччыта уонна кириитигэ, Сүппүт кэми көрдөөн (À la recherche du temps perdu) диэн үлэ ааптара буоларынан ордук биллэр.
- 1943 — Владимир Лонгинов (02.09.1919 төр.) — сержант, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 1981 — Алексей Окладников — археолог, Азия былыргы култуураларын үөрэппит чинчийээччи, академик, РСФСР, Бүрээт уонна Саха АССР-дарын наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС Судаарыстыбаннай Бириэмийэтин икки төгүллээх лауреата, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 2002 — Болот Бейшеналиев — сэбиэскэй кэмнээҕи кинематографист, тыйаатыр уонна киинэ биллиилээх артыыһа. Кыргыстаан норуодунай артыыһа. Азиз Бейшеналиев диэн эмиэ кыргыыс артыыһын төрөппүт аҕата.