1988 сыллаахха бү күн ырыаһыт Ольга Иванова — Сидоркевич Киин тэлэбиидэнньэ экрааныттан бүтүн Сэбиэскэй Сойуус дьонун Амма өрүһүн быыһыырга көмөлөһөллөрүгэр ыҥырбыт.
Кытайга Shanghai Transrapid диэн магнитка дайар (маглев) пассажир пуойаһа аан дойду түргэн рекордун олохтообут — 501 км/час (311 миля/час).
Бүгүн тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, РФ үтүөлээх артыыһа Изабелла Николаева 70 сааһын бэлиэтиир.
Саха национальнай дьоруойа, тойуксут Манчаары Баһылай Марха улууһугар олорон 65 сааһыгар өлбүт.
Сэтинньи 12 диэн Григориан халандаарыгар сыл 316-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 317-c күнэ). Сыл бүтүө 49 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Аан дойдутааҕы сэбиргэхтэтиини (пневмонияны) утары охсуһуу күнэ.
- Азербайдьан — Төрүт сокуон күнэ.
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань) — Сунь Ятсен төрөөбүт күнэ, ону кытары Быраастар күннэрэ уонна Култуура чөлүгэр түһүүтүн күнэ.
- Индонезия — Аҕа күнэ.
- Индонезия — Чөл турук күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1933 — Германия Түмэнигэр быыбар түмүгэр 92% куолаһы нацистар баартыйалара ылбыт.
- 1982 — ССКП КК генеральнай сэкирэтээринэн өр сылларга КГБ-ны салайбыт Юрий Андропов буолбут. Кини бу солоҕо 1984 сыл олунньу 9 күнүгэр диэри олорбута.
- 1988 — Ырыаһыт Ольга Иванова-Сидоркевич Киин тэлэбиидэнньэ экрааныттан бүтүн Сэбиэскэй Сойуус дьонун Амма өрүһүн быыһыырга көмөлөһөллөрүгэр ыҥырбыт.
- 1990 — Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Дьокуускайдааҕы бибилитиэкэҕэ «национальнай» стаатус иҥэрбит.
- 1990 — Тим Бернерс-Ли Аан ситими тэрийэр туһунан этиитин бэчээттээбит.
- 2003 — Кытайга Shanghai Transrapid диэн магнитка дайар (маглев) пассажир пуойаһа аан дойду түргэн рекордун олохтообут — 501 км/час (311 миля/час).
- 2008 — Дьокуускайга Валерий Чкалов бүүһүн туруорбуттар. Чкалов манна 1936 сыл балаҕан ыйыгар Георгий Байдуковтуун, штурман Александр Беляковтуун АНТ-25 сөмүлүлүөтүнэн кэлэн ааспыттара. Маршруттара: Москуба аттынааҕы Жуковскай аэродрома — Игарка — Дьокуускай — Амуур өрүс төрдүгэр баар Удд арыы (билигин Чкалов арыыта).
- 2014 — Европатааҕы Космос Агентствотын Фила диэн түһэриллэр аппарата Розетта зондтан арахсан 67P / Чурюмов-Герасименко кометатыгар ситиһиилээхтик олорбут. Бу түгэн аан дойду устуоруйатыга бастакытын киһи оҥорбут аппарата комета ньууругар үктэниитинэн буолар.
Төрөөбүттэр:
- 1866 — Сунь Ятсен (1925 өлб.), — кытай революционера, Гоминьдан баартыйатын төрүттээччитэ, Кытайга саамай ытыктанар бэлиитикэ диэйэтэллэриттэн биирдэстэрэ.
- 1944 — Люция Нестерова — бэйиэт, олоҥхону, фольклору чинчийэр литературовед, филология билимин хандьыдаата.
- 1945 — Георгий Родионов — муосчут, ювелир, СӨ норуодунай худуоһунньуга, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, педагогика билимин хандьыдаата.
- 1947 — Егор Шишигин — биллиилээх учуонай, кыраайы үөрэтээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата, 1976-1992 сылларга уонна 2003 сылтан ыла Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ.
- 1950 — Изабелла Николаева — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа.
- 1981 — Наталья Сивцева — Өксөкүлээх Өлөксөй үлэтин уонна саха тылын сиинтэксиһин чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
- 1870 — Манчаары Баһылай көскө Марха улууһугар олорон 65 сааһыгар өлбүт — саха национальнай дьоруойа, саха литературатын бастакы айымньыларын сүрүн дьоруойа, норуокка киэҥник биллибит олоҥхоһут, тойуксут.
- 1931 — Виктор Васильев — Илин Сибиир омуктарын олохторун-дьаһахтарын чинчийбит этнограф, Аан дойду бастакы сэриитин кыттыылааҕа.