Ис дьыала уорганнарын үлэһитин күнэ 1917 сыллаахха ис дьыала наркома Алексей Рыков «Оробуочай милиция туһунан» уурааҕын кытары ситимнээх. Бүгүн ыччат, бухгалтерия аан дойдутааҕы күннэрэ. Турцияҕа Ататүрк кэриэстэбилин күнэ.
Бүгүн Саха тыйаатырын артыыһа, туруорааччы режиссер Ефим Степанов 70 сааһын бэлиэтиир. Маны таһынан бүгүн Сунтаартан төрүттээх бэлиитиктэр Климент Иванов, Александр Акимов төрөөбүт күннэрэ.
Бу күн Генеральнай сэкирэтээр, 18 сыл дойдуну салайбыт сэбиэскэй диэйэтэл Леонид Брежнев, сэбиэскэй кэмнээҕи хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС Үрдүкү сэбиэтин дьокутаата, Саха АССР үөрэҕин миниистирин солбуйааччы Александра Охлопкова күн сириттэн күрэммит күннэрэ.
Сэтинньи 10 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 314-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 315-c күнэ). Сыл бүтүө 51 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Ыччат аан дойдутааҕы күнэ — 1945 сыллаахха Демокрааттыы ыччат аан дойдутааҕы федерацията (WFDY) олохтообут күнэ. Маны тэҥэ ХНТ олохтообут күнэ баар.
- Дойдулар ардыларынааҕы бухгалтерия күнэ.
- Арассыыйа — Ис дьыала уорганнарын үлэһитин күнэ.
- Турция — Ататүрк кэриэстэбилин күнэ.
- АХШ — АХШ Байҕал пехотатын куорпуһун үөскээбит күнэ.
- Индонезия — Дьоруойдар күннэрэ (Хари Пахлаван).
Түбэлтэлэр:
- 1917 — Ис дьыала наркома Алексей Рыков «Оробуочай милиция туһунан» уураах таһаарбыт. Бу күн 1962 сылтан Милиисийэ күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр буолбута. 2011 сыллаахха милиисийэ аата «полиция» диэҥҥэ уларыйбытын кэннэ сэтинньи 10 күнүгэр Ис дьыала уорганнарын үлэһитин күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
- 1926 — кэлин биллиилээх учуонай буолбут 24 саастаах ВКП(б) Верхоянскай уокуруктааҕы кэмитиэтин сэкиритээрэ Афанасий Новгородов Бастакы уокуруктааҕы ВКП(б) конференциятын тэрийэн сэтинньи 10-18 күннэригэр ыыппыта.
- 1928 — Дьоппуон императорынан Хирохито буолбут. Кини Дьоппуон устуоруйатыгар саамай уһуннук, 62 сыл тухары, дойдуну баһылаабыт император. Хирохито кэмигэр Дьоппуон Кытайга саба түһэн өр сэриилэспитэ, Аан дойду иккис сэриитигэр кыттан Азия дойдуларын Европа колонизатордарыттан былдьаабыта, ол эрээри түмүгэр бэйэтэ урусхалламмыта, ол эрээри сэрии кэнниттэн экэниэмикэ балысхан сайдыытын ситиспитэ.
- 1959 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Соҕуруу Африкаҕа олохтоммут апартеиды уонна аан дойдуга раасанан дискриминациялыыры утарарын биллэрбитэ.
- 1961 — Сталинград аата уларыйан Волгоград буолбут. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта.
- 1983 — Урбаанньыт Билл Гейтс бастакы Windows 1.0 (ааҥл. түннүктэр) операционнай систиэмэ бырайыагын көрдөрбүт. Ол эрээри бу систиэмэ икки сылынан буолан биирдэ атыыга тахсыбыта. 2019 сыллааҕы көрдөрүүнэн Windows аан дойду көмпүүтэрдэрин 88,5 %-гар турар эбит.
- 1995 — Муусука Үрдүкү оскуолатын төрүттээччи Василий Босиков уонна суруйааччы Иван Федосеев — Доосо Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыттар.
Төрөөбүттэр:
- 1483 — Мартин Лютер — ниэмэс христианство манааҕа уонна теолога (итэҕэли үөрэтээччи). Кинини Протестааннар Реформацияларын саҕалаабыт киһинэн ааҕаллар. Ол түмүгэр протестант сыаркаптара Рим Католик сыаркаптарыттан арахсыбыттара. Кини протестааннар бастакы сыаркаптарын — Лютеран таҥара дьиэтин олохтообута.
- 1877 — Виктор Васильев — Илин Сибиир омуктарын олохторун-дьаһахтарын чинчийбит этнограф, Аан дойду бастакы сэриитин кыттыылааҕа.
- 1899 — Степан Аржаков — ил, бэлиитикэ уонна норуот хаһаайыстыбатын диэйэтэлэ, Саха Сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха Сирин автономиятын оҥорсубут киһи, 1924 уонна 1937-1938 сылларга Саха АССР Совнаркомун бэрэстээтэлэ, Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо. Степан Аржаков Саха сирин салалтатыгар биир бастакы үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис, Саха сиригэр холкуостары уонна массыына-тыраахтыр станцияларын тэрийбит дьонтон биирдэстэрэ.
- 1907 — Теодор Шуб — нуучча тылын чинчийбит филолог, Аллайыаха улууһун Русскай Устье олохтоохторугар эспэдииссийэ тэрийэн, анаан үөрэппитэ. 1943-1947 сылларга Дьокуускайдааҕы Тыл уонна култуура ноуучунай-чинчийэр институутун дириэктэрэ.
- 1920 — Лев Габышев — драматуур, кэпсээнньит, тылбаасчыт, Саха сирин бастакы киинэ сценарииһа. «Абаҕа сулустара» диэн драмата Саха театрын сценатыгар туруоруллубута. Ону кытары Лев Габышев сценарийынан «Таджикфильм» киностудия «Көмүстээх үрүйэ» диэн Николай Якутскай сэһэнинэн «Тайна предков» диэн ааттаах уус-уран киинэни устубута.
- 1936 — Климент Иванов — бэлиитик, 1990—1992 сыллардаахха Саха ССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэстээтэлэ, Ил Түмэн I, II, III ыҥырыыларын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2000).
- 1947 — Наталья Трапезникова — биллиилээх ырыаһыт, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1950 — Ефим Степанов — П.А. Ойуунускай аатынан Академическай Саха тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, туруорааччы режиссер, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа (2001).
- 1954 — Александр Акимов — 2002-2007 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнэ, 2013 сылтан ыла Федерация Сэбиэтин чилиэнэ (сенатор), экэниэмикэ билимин дуоктара, «Хотугу сулус» уордьан кавалера, Томпо улууһун Ытык киһитэ.
- 1958 — Светлана Мухоплева — саха уос номоҕун чинчийэр филология билимин хандьыдаата, доцент.
Өлбүттэр:
- 1908 — Яков Санников (06.08.1844 төр.) — нуучча уонна омук полярниктарыгар сүҥкэн үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха атыыһыта. Хотулары аһынан-таҥаһынан хааччыйара, түүлээҕинэн эргинэрэ. Дьиэтэ Дьокуускайга Эргэ Куоракка билигин да турар. Уҥуоҕа Булуҥ улууһугар Өлүөнэ кытылыгар баар.
- 1938 — Мустафа Кемал Ататүрк — Туурсуйа Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччитэ уонна бастакы бэрэсидьиэнэ. Элбэх уларытыыларын иһигэр, туурак тылын арааб уонна перс тылларын аһара күүстээх сабыдыалыттан ыраастаабыта, төрүт түүр тылынан-өһүнэн солбуттарбыта, ол туһугар Эдуард Пекарскай саха тылын тылдьытын туурактыы тылбаастаппыта.
- 1982 — Леонид Брежнев — ССКП КК Генеральнай сэкирэтээрэ, 18 сыл тухары дойдуну салайбыт сэбиэскэй судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй, байыаннай диэйэтэл.
- 1998 — Александра Охлопкова — сэбиэскэй кэмнээҕи хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС Үрдүкү сэбиэтин дьокутаата, Саха АССР үөрэҕин миниистирин солбуйааччы (1969-1985).