Бу ааһан иһэр 2022 сыл Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырыгар уһулуччу чаҕылхай, элбэх кэлиилээх-барыылаах гастроллар, саҥа премьералар, чаҕылхай кэнсиэр нүөмэрдэрэ, артыыстар айар киэһэлэрэ турдулар. СИА-ҕа салгыы театр үлэтиттэн суруйууну ааҕыҥ.
2022 сыл испэктээк премьералара
Кулун тутар 3 күнүгэр Эрик Эмманюэль Шмитт драматыгар олоҕуран«Оскар и Розовая Дама»диэн ааттаах хореодрама үҥкүүнэн дьүһүйүллэн тахсыбыта. Антон Ботаков режиссердаабыта, Долаана Федотова үҥкүүтүн туруорбута, сценографиятын уонна көстүүмнэрин Екатерина Шапошникова айбыта. «Бал» диэн хартыынаны хореограф Юрий Федоров туруорбута. Бу испэктээк сүрдээх истиҥник туруоруллубута. 10 саастаах улаханнык ыарыыга ылларбыт Оскар бүтэһик күннэрин көрдөрөр. Артыыстар Капитон Ильин (Оскар), Изабелла Егорова (Розовая Дама), Валентина Аммосова (Оскар ийэтэ), Владислав Попов (Оскар аҕата), Любовь Степанова – Пегги Блю сүрдээҕин табыллан бэйэлэрин оруолларын оонньоотулар.
Ахсынньы 29 күнүгэр«Айыы аймах биһигэ» (Колыбель народа Саха) испэктээк премьерата буолар күн сирин көрөр. Бу дьыл саханы саха диэтэр оһуокайбыт Киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэлэрин чулуу айымньыта буолан билиннэ. Испэктээк саҕаланыытыгар аҕа баһылыкпыт Эллэй салайар кэмэ, бастакы ыһыах, алгыс түһүүтэ, оһуокай күн эргиирин устун хаамыылаах үҥкүүбүт көстөр. Онтон 1922 сыл – Саха АССР тэриллиэҕиттэн күн бүгүҥҥэ дылын, уһун 100 сыллаах саха норуотун остуоруйата. Илья Петухов муусуканан киэргэттэ, Дария Григорьева либретто суруйда уонна режиссер буолла, Долаана Федотова, Людмила Антипина, Юрий Федоров үҥкүүлэри туруордулар, Екатерина Шапошникова сценографияны уонна көстүүмнэри айан таһаарда, наука өттүттэн Ангелина Лукина сүбэлээтэ. Сүрүн оруоллары Дьулустан Харлампьев – Эллэй, Василий Эверстов- Үрүҥ Айыы Тойон, Саргылана Тарабукина– Айыыһыт, Лена Ким– Иэйиэхсит, Сергей Алексеев – Күрүө Дьөһөгөй уонна Ньукуус, Ульяна Ядреева – Ааныс, Валентина Аммосова – Удаҕан, Алексей Максимов уонна Анна Попова – эдэр хомсомуол ыччата, Капитон Ильин – Мэхээс, Саяна Егорова – Груня, Семен Дьяконов – Оһуокай Уйбаан уобараһын, Афанасий Афанасьев – Сергей Зверев-Кыыл Уола уобараһын толороллор.
Биир улахан үлэнэн үҥкүү тыйаатыра бүлүү улууһун кытары “Сыгый Кырынаастыыр” операны туруоруута буолар. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар, хампаһыытар Марк Жирков төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт операҕа үҥкүү тыйаатырын аркыастыра, сүрүн дирижер Николай Петров доҕуһуолунан Бүлүү улууһун талааннаах, кэрэ куоластаах самодеятельнай толорооччулара, Бүлүү хора, ускуустуба оскуолатын иитээччилэрэ уонна учууталлара, Бүлүүтээҕи педучилище устудьуоннара уонна уһуйааччылара кыттан сүрдээх киэн далааһыннаах тэрээһин буолла. Үҥкүүтүгэр Үҥкүү тыйаатырын уолаттара кыттыбыттара операны киэргэттэ. Тыйаатыр уус-уран салайааччыта Светлана Бессонова былыргы үҥкүүлэри сүргүтэн бэрт интириэһинэйдик туруорбутун дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылла. “Сыгый кырынаастыыр” опера премьерата муус устар 10 күнүгэр Бүлүүгэ көстүбүтэ, муус устар 13 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырыгар көстүбүтэ. Муус устар 27 күнүгэр Петр Чайковскай аатынан Москуба судаарыстыбаннай филармониятын сценатыгар “Сыгый Кырынаастыыр” операны Москуба көрөөччүлэрэ сөҕө-махтана көрбүттэрэ. Арассыыйа норуоттарын нэһилиэстибэтин сылын түмүктүүр тэрээһиннэр чэрчитинэн “Сыгый Кырынаастыыр” операны өссө төгүл ахсынньы 6 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырыгар уонна ахсынньы 9 күнүгэр Бүлүү куоракка Марк Жирков аатынан Култуура киинигэр көрдөрдүлэр.
Кэнсиэр бырагыраамаларын уонна нүөмэрдэрин премьералара
Үҥкүү тыйаатырын аркыастыра – сүрүн дирижер Николай Петров, дирижер Анюта Иванова уонна Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо дыбарыаһын норуот үнүстүрүмүөннэрин аркыастыра – дирижер Людмила Белолюбская “Поговори со мною, мама…” бэрт иһирэх, истиҥ ийэлэргэ анаммыт ырыалары доҕуһуоллаан Саха сиригэр Ийэ сыла биллэриммитигэр анаатылар. Бу икки аркыастыр доҕуһуолунан опера уонна эстрада ырыаһыттара, самодеятельнай толорооччулар, оҕо уонна улахан дьон бөлөхтөрө бэрт ситиһиилээхтик ыллаатылар, үөрэ-көтө кытыннылар.
Эдэр, кэскиллээх ырыаһыт Александр Карманов аан бастаан аркыастыр доҕуһуолунан бэйэтин “Ыллыыр Александр Карманов” сольнай кэнсиэрин дьон дьүүлүгэр таһаарда. Биир бэртээхэй тэрээһин диэн көрөөччүлэр махталларын биллэрдилэр.
Үҥкүүһүт Эдуард Жирков үҥкүүнү туруорар талаана сылын ахсын тахсан иһэр. Бу дьыл кини “Эйгэҕэ эллэни” үҥкүүтэ тыйаатыр репертуарыгар киирдэ.
Удьуор үҥкүүһүт Дьулустан Харлампьев быйыл икки күүстээх, кыахтаах уолаттар үҥкүүлэрин “Умсан” уонна “Булчуттар үҥкүүлэрэ” диэн ааттаах үҥкүүлэри айан туруорда.
Аныгы хайысхалаах үҥкүүнү сэҥээрэр, сөбүлүүр Дьулуур Андреев “Не просто знакомые” хамсаныылаах үҥкүүтүн эдэр үҥкүүһүттэр бэрт имигэстик, чэпчэкитик толороллор.
Гостуруоллар
Бу дьыл Үҥкүү тыйаатыра РОСКОНЦЕРТ “Мы – Россия” дин федеральнай бырагырааммаҕа киирэн Рашид Калимуллин “Үрүҥ күн оҕолоро” этнобалеты муус устар 28 күнүгэр Москубаҕа, Арассыыйатааҕы академическай эдэр ыччат тыйаатырыгар уонна ыам ыйын 5 күнүгэр Санкт-Петербурга Эрмитажнай тыйаатыр сценатыгар көрдөрдө. Ити икки столица биллиилээх хампаһыытардара, критиктара, балетоветтара, тыйаатыр диэйэтэллэрэ тыйаатыр артыыстара үрдүк таһымнаахтарын Төгүрүк остуолларга бэлиэтээтилэр. Ону таһынан “Олоҥхо дойдутун алгыһынан” гала-кэнсиэри Серпухов, Зеленоград, Пушкин, Металлострой, Понтоннай куораттарга көрдөрбүттэрэ.
Атырдьах ыйын бүтэһик уонна балаҕан ыйын бастакы күннэригэр Витим кырдьаҕас бөһүөлэк төрүттэммитэ 400 сылыгар “С юбилеем, Витим!” тыйаатыр үҥкүүһүттэрэ улахан тэрээһиҥҥэ кыттаннар үбүлүөйдээх түгэни киэргэттилэр, үрдүк таһымҥа таһаардылар.
Артыыстар айар киэһэлэрэ
Муус устар 16 күнүгэр аркыастыр артыыһа Марина Фомина “Лохоҕаануйли” айар киэһэтэ буолбута. Ыраах хоту, Черскэй бөһүөлэгиттэн төрүттээх Марина Николаевна айар киэһэтин Ийэ сылыгар анаабыта. Тэрээһиҥҥэ ийэтин уонна кини уус-уран тарбаҕынан тикпит таҥаһын-сабын көрөөччүлэргэ көрдөрөн билиһиннэрбитэ.
“Кыл Саха” саха үнүстүрүмүөннэрин бөлөҕүн (сал. Анна Томская) саха киһитэ, дьоно-сэргэтэ үөрэ, сэҥээрэ күүтэр, кэтиир, маныыр, тэрээһиннэригэр тоҕуоруһа мустар. Ааһан эрэр сылга “Кыл Саха” “Дэгэрэҥ эйгэтэ” Христофор Максимов төрөөбүтэ 105 сылыгар анаммыт улахан кэнсиэрэ толору сааланы, талааннаах кыттааччылары муста, дьон махталын, билиниитин ылыан ылла.
Аркыастыр солистката Инна Скрыбыкина “Муусука мин дууһам” айар киэһэтигэр Инна домраны баһылаабытын, үгүс хайысхалаах муусуканы торорорун көрдөрдө, элбэх киһи биһирэбилин ылла.
“Өбүгэ тыына” Дьулустан Харлампьев бастакы айар киэһэтэ эр дьоннор уонна уолаттар кыттыылаах, бэрт өрө көтөҕүүлээхтик, күүстээхтик, киэн далааһыннаахтык ааста. Дьулустан бу биэчэригэр туруорбут саҥа “Умсан” үҥкүүтэ кини тэрийбит “Умсан” үҥкүү бөлөҕө кыһаллан-мүһэллэн толордулар. “Булчуттар” үҥкүүтүн тыйаатыр хоһууттара бэрт чэпчэктитик, сындыыстык, күүстээхтик, булчут уобараһын итэҕэтиилээктик толородулар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэргэ кыттыы
II ыччат “Muus uStar” бэстибээлигэр Үҥкүү тыйаатыра “Танцевальный квартал” трек тэрийээччитинэн билилиммитэ. “Кыл Саха” бөлөх салайааччыта Анна Томская уонна кыттааччыта Дьулустаан Никифоров кыл-кылыһахха маастар кылаастары тэрийэн, ити үнүстүрүмүөҥҥэ дорҕоон таһааран, баҕалаах дьоннору үөрэппиттэрэ. Бэстибээл чэрчитинэн “Созвездие танца” үҥкүү күрэҕэ буолбута. Бастакы түһүмэх онлайн форматынан, иккис түһүмэх тыйаатырга буолбута. Уопсайа 235 ки7и кытынна. Гран-при хаһаайынан “Сандал” үҥкүү бөлөҕө барыларын кыайда. “Бастыҥ үҥкүү туруорааччы” номинациятын тыйаатыр үҥкүүһүтэ Эдуард Жирков “Эгэҕэ эллэни” үҥкүү кыайда.
Улахан ситиһиибитинэн муус устар 27 күнүгэр Москубаҕа, Правительство Пашков дьиэтигэр Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин бастакы Оргкомитет мунньаҕар Саха оһуокайын көрдөрбүттэрэ буолар. Правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Т.А.Голикова, Арассыыйа култууратын миниистэрэ Любимова О.Б. Дмитрий Артемьев таһаарбыт уонна кынаттара, тыйаатыр үҥкүүһүттэрэ толорбут оһуокайдарын үрдүктүк сыаналаабыттара.
Тыйаатыр аркыастыра муус устар 27 күнүгэр П.И.Чайковскай аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай консерваторияҕа Марк Жирков төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылыгар анаан улахан кэнсиэри көрдөрбүтэ.
Тыйаатыр артыыстара ааспыт сайын Үөһэ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар, Туймаада ыһыаҕар уонна Бороҕоҥҥо Норуоттар икки ардынааҕы Спартакиадаҕа култуурнай тэрээһиннэригэр кыттыбыттара.
Ахсынньы 1 күнүгэр уус уран салайааччы Светлана Бессонова уонна үҥкүүһүттэр Москубаҕа Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээлин В.И.Матвиенко ыытар улахан мунньаҕын кэнсиэригэр Арассыыйа чулууттан чулуу кэлэктииптэрин кытары кытынна.
“Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕө ахсынньы 6-8 күннэригэр Москубаҕа, Правительство Кэнсиэрин саалатыгар Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаммыт улахан тэрээһиннэргэ кытынна.
Ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа уонна Кыргызстан тэрээһиннэрэ түмүктэнэр улахан кэнсиэригэр Кыргызстаҥҥа Бишкек куоракка филармония дыбарыаһыгар М.Пятницкай аатынан хор уонна Адыгея судаарыстыбанай ырыа уонна үҥкүү кэлэктииптэрин кытары уус уран салайааччы туруорбут “Тойон чороон”, “Дьөһөгөй эйгэтэ” үҥкүүлэри көрдөрөн билиһиннэрдэ. Ахсынньы 11 күнүгэр Чингиз Айтматов уонна Максим Аммосов памятниктарыгар сибэкки дьүөрбэтин ууран, ахтан-санаан аастылар.
Ахсынньы 22 күнүгэр “Дорогой яркого Максима” Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт театрализованнай тэрээһинигэр көхтөөхтүк кытыннылар.
Бэстибээлэргэ уонна күрэхтэргэ кыттыы
Импровизатор-хомусчут Георгий Слепцов-Чаҕылхан “Хомусист – виртуоз мира” күрэххэ стиһиилээхтик кыттыбыта. Финалга дылы тиийбитэ.
Балаҕан ыйын 13-16 күннэригэр сүрүн дирижер Николай Петров уонна “Кыл Саха” бөлөх солиһа, кыл кылыһах үнүстүрүмүөнү оҥорор маастар Руслан Габышев В.В.Китов, муусукааннар учууталлара, Улан-Удэтээҕи култуура институтун уһуйааччыта төрөөбүтэ 7- сылыгар анаммыт “Творческая деятельность профессора В.В.Китова-Байкальского” конференцияҕа Оренбург куоракка кыттыбыттара.
Саха үнүстүрүмүөннэрин Аркыастыра сэтинньи 22 күнүттэн 28 күнүгэр дылы Красноярскайга идэтийбит ноуот муусукатын үнүстүрүмүөннэрин аркыастырын бэстибээлигэр үрдүк таһымнаахтык кытыннылар. Бэстибээл аһыллыытыгар саха аркыастыра Красноярскай филармония норуодунай үнүстүрүмүөннэрин аркыастырын кытары “Айыы аймаҕа” Николай Петров айбыт испэктээгин оннььоотулар. Аркыастыр бэйэтин икки чаастаах кэнсиэрин Минусинскай куоракка көрдөрдө. Ону таһынан, бэстибээл сабыллар кэнсиэригэр 240 артыыстар Башкортостантан, Бурятияттан, Тываттан, Хакасияттан, Красноярскайтан Саха сириттэн Владимир Кошелев айымньытын бары бииргэ толордулар.
Быстах операцияҕа сылдьар саллааттарга анаан
Тыйаатыр артыыстара уонна Дьокуускай куорат 1 нүөмэрдээх оскуолата Аҕалар күннэригэр анаммыт “Мин аҕабынан киэн туттабын” тэрээһини, благотворительнай кэнсиэргэ “Мы с Вами! Своих не бросаем!”, “Мы – вместе!” Строительнай рыногы кытары акцияҕа кытыннылар.
Үҥкүүһүттэр Изабелла Егорова, Саскылана уонна Эдуард Жирковтар, Георгий Уваровскай Аладан уонна Нерюнгри куораттарыгар Ускуустуба оскуолаларыгар маастар-кылаастары тэрийдилэр, араас үҥкүү хамсаныыларын билиһиннэрдилэр.
Иистэнэр сыах 50 аптечка тигэн, тыйаатыр профкома “Полка добра” наадалаах маллары хомуйан, үлэһиттэр биир күннээҕи хамнастарын Донбааһы өйүүр фондаҕа тутардылар.
Үлэ улахан сыанабыла
Сүрүн дирижер Николай Павлович Петров Арассыыйа Президена В.В.Путин Укааһынан “Арассыыйа Бэдирээссийэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ” бочуоттаах аатын ахсынньы 26 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга майгыга Ил Дархан А.С.Николаев туттарда.
Аркыастыр артыыһын, муусука айааччытын Егор Васильевич Федотов “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх диэйэтэлэ” бочуоттаах аатын ахсынньы 6 күнүгэр култуура миниистэрин солбуйааччыта А.Н.Ноев “Сыгый Кырынаастыыр” опера кэнниттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Ахсынньы 28 күнүгэр балет артыыскатыгар, профком бэрэссэдээтэлигэр Лена Юрьевна Ким “СахаӨрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ” бочуоттаах ааты култуура миниистэрэ Ю.С.Куприянов туттарда.
Иньэ гынан ааһан иһэр 2022 сыл Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыйаатырыгар бэрт ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Барыгытын кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит! Дьоллоох олоҕу, үлэҕитигэр ситиһиилэри, чөл туругу баҕарабыт!