«Уопсастыбаннай көҕүлээһиннэр Саха сирин норуоттарын тылларын сайыннарыыга уонна тыыннаах хаалыыларыгар үлэлэрэ өйөбүллээх буолуохтаах», – диэтэ вице-премьер.
Көрсүһүүгэ «Комикс по мотивам олонхо «Үөмэстэй Бэргэн» Василия Филиппова-Амырского», «Ийэ тыл эйгэтэ (Мир родного языка)»,«Медиа-пространство «Полет Өксөкү», «История создания Нюрбинского района в виде комикса на якутском языке»,«Ырыа холумтан (Песни предков)»,«Республиканский семейный форум «Моя семья в истории Отечества»» уонна «Кукольный театр «Ситим»» бырайыактар салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Санаттахха, Ил Дархан граннарын куонкурусугар 2024 сылга 474 көҕүлээһин 400 коммерческайа суох тэрилтэттэн 31 муниципальнай оройуонтан уонна куорат уокуругуттан киирдэ. Араас хайысханан 77 бырайыак грант өйөбүлүн ылла, уопсай суума 102 мөл солк.