22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Санкт-Петербургтааҕы "Ленфильм" киинэ тыйаатырыгар "Иччини" көрдүлэр

10:01, 27 мая 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Санкт-Петербург куораттан суруналыыс Анфиса Слепцова «Иччи» киинэҕэ сылдьыбытын уонна улаханнык сэргээбитин кэпсээтэ. «Киһи кутун ортотунан быһа тутар киинэ эбит«, — диэн санаатын СИА-ҕа эттэ.


Санкт-Петербургтааҕы «Ленфильм» кинотеатрга «Иччини» көрдөрдүлэр. Сахалар бастакы күнүттэн көхтөөхтүк сырыттылар.

Суруналыыс Анфиса Слепцова киинэ кэннэ санаатын кэпсээтэ:

— Сахалар культурабыт, фольклорбут, итэҕэлбит быһаччы куту-сүрү, иччилэри кытта сибээстээх. Онон бастаан утаа тубэлтэлэргэ олоҕурбут кутталлаах киинэ буолуо диэн өйдөбүллээх барбытым. Аттыбар олорооччу саха кыргыттарыттан ыйыппыппар, эмиэ оннук санаалаах кэлбиппит дэстилэр.

Онтубут баара олох атын буолан таҕыста. Кутталлаах эрээри киһи ол-бу иччилэртэн буолбакка, дьон дьылҕатыттан, салгыы туох күүтэрин кэтэһииттэн куттанар. Ураты иэйии кууста, уопсайынан.

Кини этэринэн, көрөөччүлэр ортолоругар нууччалар эмиэ бааллар. Киинэ кэнниттэн режиссер Костас Марсааны кытта быһа сибээс нөҥүө кэпсэтии ыытылынна. Араас ыйытыылар киирдилэр. Нууччалар үксүн музыкальнай доҕуһуол, нуучча кыыһа уһуллуутун, сценарий туһунан токкоолостулар. Саха көрөөччүтэ ордук сиэр-майгы, итэҕэл тула санаатын үллэһиннэ.

«Биир тылынан эттэххэ, олус үчүгэй киинэ. Көрүҥ диэн ыҥырабын. Саха режиссердарыгар уруй-айхал. Бу курдук салгыы омук быһыытынан уратыбытын алыс айбардаабакка, түөс охсуммакка, оргууй дугуйан таарыйаҥҥыт, киэн эйгэҕэ таһаара туруҥ«, — диэн Сахатын сиринэн киэн туттарын биллэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА