21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Санкт-Петербург госпиталларыгар эмтэнэр байыастарга Бүлүү улууһуттан ас аҕаллылар

15:01, 23 января
Текст:
Хаартыска: Олох суола хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүлүү улууһун уһуйааннарын сэбиэдиссэйдэрэ Наталья Семенова (Тааһаҕар), Валентина Турантаева (Хампа), Мария Прокопьева (Бүлүү к.), Альбина Николаева (Сыдыбыл) Санкт-Петербурга сэминээргэ кытыннылар.

Кинилэр үлэлэринэн тэрээһиҥҥэ кытта кэлэллэригэр кэлэктииптэрэ ис сүрэхтэриттэн кыһаллан  тэрийэн ыыппыт астарын госпитальга сытар байыастарга аҕаллылар. Олохтоох волонтердар түбүктэрин аччатан, уһуйаан үлэһиттэрэ буһарыллыбыт эти, кэтилиэти, голубцыны, ыһаарыламмыт балыгы, куһу кытта бурдук ас арааһын ыыппыттар. Далбар хотуттар СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтигэр исписэлиис Евгений Петрову тэҥэ волонтердары кытта сирэй көрсөн, кэпсэттилэр.

Санкт-Петербург алта госпиталыгар билигин 13 байыас эмтэнэр. »Бачча ыраах сиргэ биир дойдулаахтарбытын кытта алтыһар, дойдубут аһын сылаастыы аһыыр үчүгэйин!» — дэһэллэр байыастар.

Бүлүүлэр соторутааҕыта 500 киилэ аһы Владивостокка сиринэн ыытан тураллар, суруйда Оксана Жиркова, Санкт-Петербург. Ол туһунан «Олох суола» хаһыат» телеграм-хаһыатыгар таһаарда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА