2 Муус устар 02.04
  • -7°
  • $ 80,62
  • 93,44

Санитарнай авиациянан көтүү ахсаана эбилиннэ

15:15, 16 ноября 2023
Читайте нас на

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сылтан Уһук Илиҥҥэ санитарнай авиация сайдыытыгар үбүлээһини икки төгүл улаатыннарарга сорудахтаабыта. Судаарыстыба өйөбүлүнэн, быйыл ыарыһахтары аҕалыы, тириэрдии ахсаана 31% элбээтэ.

СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин чахчытынан, 2023 сыл саҕаланыаҕыттан 2600-тэн тахса киһиэхэ суһал мэдиссиинэ көмөтө оҥоһулунна. Онтон Саха сирин санитарнай авиацията көмөҕө көтөр сүрүн төрүөттэринэн сүрэх ыарыылара, эйэчиилэр уонна араас бааһырыылар буолаллар. Соторутааҕыта Саахал мэдиссиинэтин исписэлиистэрэ Бүлүү улууһуттан 2 эмсэҕэлээбит киһини (биирэ ыарахан туруктааҕы) аҕаллылар.

Саахал мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин биэлсэрэ Владислав Григорьев эппитинэн, Л 410 сөмөлүөтүнэн 1,5 чаас устата этэҥҥэ көтөн кэллилэр уонна эмсэҕэлээбит дьону Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа киллэрдилэр.

Надежда Егорова, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова