22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сангаарга “Үрүҥ көмүс волонтер” түмсүү көхтөөх дьону ыҥырар

16:25, 18 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сангаар бөһүөлэгэр сотору-сотору араас хабааннаах субуотунньуктары волонтердар, тэрилтэлэр, бөһүөлэк дьаһалта­та, айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ тэрийэн ыыталлар. Кинилэр халлаан сылаас кэмин баттаһа олорор дьиэлэр, тэрилтэлэр тастарын, бөһүөлэк уулуссаларын ыраас­тыыллар, көҕөрдүүгэ ылсаллар.


Сангаарга бу күн­нэргэ баара эрэ түөрт киһилээх саҥа тэриллибит общественнай түмсүү чилиэннэрэ биэрэги ыраастаатылар. “Хайдах ыраастаатахха бөһүөлэк уонна биэрэк бөҕө кыайтарыай?” – диэн санаа кинилэри эмиэ үүйэ-хаайа тутар.

Тулалыыр айылҕабытын, иһэр уубутун харыстааһын, ыраастык тутуу иэҕэйэр икки атахтааҕы барытын долгутар, уопсай кы­һалҕабыт буолар. Онон телефоммар “Биэ­рэ­ги ыраастааһыҥҥа кэл” диэн аҕы­йах тылы ааҕаат, ыйбыт сирдэригэр тиэтэйдим. Субуотунньукка, мэлдьи буолары­ныы, үгүс дьон, техника тоҕуорустаҕа буолуо диэн бүк эрэнэн барбытым. Тиийбитим аҕыйах кэрэ аҥар мустубут, дьиктиргээбиппин көрөн Саргылана Ива­новна Михайлова ман­нык кэпсээтэ:

– Биһиги бу  саас общественнай түмсүү тэриммиппит. «Үрүҥ көмүс волонтер”  диэн аатынан регистрацияламмыппыт. Ыам ыйыгар Улуу Кыайыы күнүнэн икки бэтэ­рээни эҕэрдэлээбиппит. Кыайыыны уһан­сы­быт кырдьаҕастарга махталбыт бэ­лиэтин этэн туран, сэмэй бэлэхпитин тут­таран үөрдүбүппүт. Итинник кыра да буоллар хайаатар да кырдьаҕастарга бол­ҕомто ууруллуохтаах. Онтон бэс ыйын саҥатыгар, бөһүөлэги көҕөрдүү үлэтин саҕана, мас олордубуппут.  Сайын устата онтуларбытын бүөбэйдээтибит. Бу кэлэр нэдиэлэҕэ көҕөрдүү үлэтин ситэрэр  бы­лааннаахпыт. Эбии атын үүнээйилэри түө­рэн аҕалан олордуохпут.

Бу бүгүн Арассыыйа үрдүнэн ыытылла турар “Ыраас биэрэк” акцияҕа кыт­ты­һан Өлүөнэ биэрэгин ыраастыы таҕыстыбыт, төһө кыайарбытынан чаас устата үлэлиэх­пит.

Мин сөҕөн-махтайан: “Аҕыйах да буол­лар­гыт, улахан тиэхиньикэлээх эр дьон үлэтигэр санаммыккыт”, – диибин.

Онуоха «Үрүҥ көмүс волонтер” саамай аҕа саастаах кыттааччыта М.Н. Кривошап­ки­на лоп-бааччы маннык хоруйдуур: “Бүгүн билэр дьоннорбутугар батсаабынан су-буотунньукка тахсарбытын биллэрбип­пит. Эн ону ааҕан кэллиҥ. Итинник  сыыйа эбиллиэхпит! Аҕыйахпыт, кыайбаппыт диэн баран олорбот буоллахпыт дии. Киһи күүстээх санаалаах буолуохтаах. Бу су­буо­тунньукпут биир сүрүн соругунан сангаардары ыраастаныы үлэтигэр көҕү­лээһин, ыҥырыы буолар. Мантан күһүн сир тоҥуор диэри өссө да ыытыллыахтара диэн эрэнэбит. Онно эр дьон кэлэн улахан кырааннаах массыыналарынан, трактордарынан баарсалар дьардьамаларын, тимир­дэри тоҕута тардан ылан тиэйэллэрэ буоллар. Онтон хаалбытын, кыайарбытын биһиги бэйэбит да хомуйуо этибит». Марина Нико­лаевна үлэлии кэлбит киһи сиэринэн тиэтэйэ-саарайа бара турда.

Дьахталлар сыыры түһэн, куулларыгар кы­ра бөҕү-сыыһы хомуйбутунан бардылар. Улахан тимирдэри  ууттан тэйиччи соһон, кыра чөмөхтөрү оҥордулар. Итинник тэтимнээхтик үлэлээн, былааннаабыт сир­дэ­рин үмүрүттүлэр. Онтон үлэлэрин сыаналыырдыы хомуйбут сирдэрин эргиччи көрүтэлээтилэр. Мин түгэни мүччү туппакка кэпсэтиини салгыырга быһаарын­ным:

–  Марина Николаевна, аны бүгүҥҥү субуотунньук туһунан кэпсии түс эрэ.

–  Бүгүн өрүс кытыытыттан саҕалаан хомуйан сыыр анныгар тиийдибит. Биһиги иннибитинэ эмиэ ыраастаабыттар, онон өрүс кы­тыыта ырааһырбыта биллэр буол­бут. Аны сыырын уонна биэрэгин ыраас­тыахха наада. Итиннэ уу уонна пиибэ  бытыылкалара  наһаа элбэх сытар.

Онон субуотунньукка тахсааччыларга үлэ­­ҕитин өрүскэ киирбэккэ биэрэктэн саҕалаан хомуйаарыҥ диэн сүбэлиэх этим. Биһиги сыыһабытын хатылаамаҥ, оччотугар хорутуулаахтык хомуйуоххут.

Тоҕо биһиги субуотунньукка таҕысты­быт? Ханна да тиий, тыа сирин ыала ыһыл­лан баран олорбот ээ, тиэргэннэрин ааһан иһэн хомуна сылдьар идэлээхтэр. Онтон биһиги олорор дьиэбит таһын тоҕо субуо­тунньук эрэ күүһүнэн ыраастыыбы­тый? Биирдиилээн хомунарбыт тоҕо кыаллыбатый?

Кэпсэтиигэ Туйаара Спиридоновна Ефи­мо­ва кыттар:

– Дьон күннээҕи тү­бүк­тэн айылҕаҕа тах­сан сынньанар, Өлүөнэ эбэт­тэн күүс ылар. Бу тапталлаах дойду­гут кэрэ айылҕатын того харыстыыргыт кыал­лыбатый? Олорон аһаабыт сиргитигэр аскыт суу­тун, бытыыл­калары тоҕо быраҕаттыыгытый?! Бөххүтүн бэйэҕитин кытта төттөрү  илдьэ барыах­хытын. Хас биирдии киһи бэйэтин кэнниттэн ыспакка хомуна сырыттар, биэрэкпит син ырааһырыа этэ. 

Онтон ити улахан тимирдэри турута тыытарга кырааннаах техникалар наадалар эрээри, олору илдьэн аны ханна илдьэн сүөкүөхтэрэй?! Бөҕү оннуттан эрэ көһөрөн тугу ырааһырдыахпытый?  Сыыр быарыгар буорга, кумахха дьөлө тимирбит ыарахан тимирдэр, баҕаналар уһун сыллар уста­ларыгар  кыаллыбатах буолан сыттахтара дии. Кыһыы диэтэҕиҥ.

Бөһүөлэккэ уонна тыа быыһыгар быра­ҕыллыбыт массыыналар араамалара, буо­чукалар уонна да атын тимир эгэлгэтэ ха­тыылаах боробулуохаҕа тиийэ хара ба­һаамнар. Итилэр барыта металлолому тутар пуун үлэлээтэҕинэ эрэ хомуллуох­тарын сөп. Ону тэҥэ олох суох гыныы эбэтэр уларытан оҥоруу  боппуруостара күүскэ туруохтарын наада. Итини  ситис­тэх­питинэ биирдэ хамсааһын  тахсыа.

Дьиҥэр, барытын толкуйдаан, кэпсэтэн, кэлэн-баран, үлэлээн-хамсаан истэххэ туох барыта кыаллар.

Түмүккэ, »Үрүҥ көмүс волонтер” түмсүү салайааччыта С.И. Михайловаҕа тиийэбин:

– Саргылана Ивановна, ааҕааччыларга ту­һаайан туох этиилээххиний?

– Олорор дьиэлэрбит тулатыттан, уулус­саларбыт кытыыларыттан уонна Өлүөнэ өрүспүт биэрэгиттэн бөҕү, дьэбиннээх тимирдэри хайдах суох гынабыт диэн ыйы­тык Сангаар бөһүөлэгин үгүс олохтооҕун үүйэ-хаайа тутара чахчы. Бүгүн итиннэ  биһиги түмсүүбүт  чилиэннэрэ – ыал далбар хотуттара санааларын эттилэр.

Манна тыа быыһыгар быраҕыллыбыт дьиэлэр, даачалар оннуларын этэ да барбаппыт.

Дьиҥэр, наар биир маршрутунан солбу­һа сылдьан субуотунньуктуубут. Ол да буоллар, син биир бөх-сыыс тахса турар. Хайдах дьаһанан үлэлээтэххэ көдьүүстээх буолуой?

Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарбыт! Бу боппуруоска бары санааҕытын этэр­гитин күүтэбит. Уонна, түгэнинэн туһанан, айыан-тутуон баҕалаах үлэһит, көхтөөх дьону барыгытын  «Серебряный волонтер” общественнай түмсүүгэ кэлиҥ, кыттыһыҥ диэн ыҥырабын. Олорор бөһүөлэкпит чэчирии сайдарын, дьоммут-сэргэбит сэргэх, чөл олохтоох буоларын туһугар өйбүтүн-санаабытын бииргэ холбоон таһаарыы­лаахтык үлэлиэҕиҥ!

Елизавета Плотникова.

Ааптар хаартыскалара. «Дабаан» хаһыат, Кэбээйи улууһа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА