22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саккырыырга кыра бөҕөстөр үһүстээн хапсаҕай көбүөрүгэр күөн көрүстүлэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саккырыырдааҕы «Хаарчаана» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин икки ардыларыгар кэтэһиилээх хапсаҕай үһүс төгүлүн ыытылынна. Кыра бөҕөстөр көбүөргэ күөн көрүстүлэр.


Эбээн-Бытантай улууһун киинигэр ыытыллар күрэх оҕону эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, сымса, түргэн туттуулаах, доруобуйа өттүнэн бөҕө-таҕа туруктаах, дьулуурдаах, спортка, чөл олоххо, төрүт үгэскэ көҕүлүүр, угуйар сыаллаах-соруктаах. Үс сыл устата күрэх сыалын-соругун ситэн, кэнчээри ыччат оскуола боруогар номнуо эт-хаан өттүнэн толору бэлэмнээх киирэллэр.

Оҕолор да, төрөппүттэр да өр күүппүт күрэхтэрэ саҕаланыан 1 күн иннинэ спорт энтузиастара, хапсаҕай куруһуогун салайааччыта Христина Стручкова уонна тириэнэрдэрэ Петр Стручков ыйааһыннаатылар. Ол курдук, оҕолор 7 ыйааһыҥҥа араҕыстылар. Саамай кыра ыйааһын 18 киилэ, онтон саамай улахан 23 киилэттэн үөһэ буолла.

Уопсайа 26 оҕо кыттыыны ылла. Күрэхтэһии номнуо үһүс сырыытын ыытыллар буолан, оҕолор да, төрөппүттэр да, тэрийээччилэр да уопутурбуттара харахха биллэр. Барыта уурбут-туппут курдук бириэмэтигэр үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Күрэх саҕаланыан иннинэ тэрийээччилэр хапсаҕайдьыттары маат тула олордон, күрэх балаһыанньатын билиһиннэрдилэр. «Уопсайынан хас биирдии ыытыллар дьарык иннинэ биһиги бөҕөстөрбүт өй-санаа өттүнэн бэлэм буолалларын гына оҕоҕо тиийимтиэ тылынан судургутук спорт туһунан бэсиэдэ ыытабыт, хапсаҕайга угуйар, көҕүн тардар сыалтан слайда көрдөрөбүт, хамсаныылаах оонньуулары тэрийэбит. Ол кэнниттэн биирдэ, оҕо өй-санаа өттүнэн бэлэм буолбутун кэннэ дьарыкпытын саҕалыыбыт, эппитин-хааммытын эрчийэбит», — диир күрэх тэрийээччитэ Христина Иннокентьевна.

Дьарык туһунан сиһилии кэпсиир, сырдатар буоллахха, бу күһүҥҥүттэн 33 оҕо эрчиллиини саҕалаабыт. Ол иннинэ дьарыктаммыт, уһуйааннарын аатын ааттаппыт күүстээх бөҕөстөр хайыы-үйэҕэ уһуйааннарын бүтэрэн, 1 кылаас үөрэнээччилэрэ буолан сылдьаллар. Бу оҕолор салгыы эрчиллиэхтэрэ, ылбыт уопуттарын хаҥаттыахтара, элбэх ситиһиилэниэхтэрэ диэн тириэнирдэрэ бүк эрэллээхтэр.

Быйыл хапсаҕай диэн тугун саҥа билбит, убайдарын туйахтарын хатаран эрэр чууп-чаап саҥарсыбыт, сүүрбүт-көппүт, сорох ардыгар ытаабыт-соҥообут да 12 саҥа бөҕөс хапсаҕайга маҥнайгы хардыыларын ситиһиилээхтик оҥорон сүрэхтэннилэр. Саамай кыра бөҕөстөрүнэн «Үрүмэччи» улахан бөлөх оҕолоро буолаллар, үксүлэрэ 4 саастаатар.

Күүтүүлээх, долгутуулаах түгэн үүннэ. Бастакы эргиири саамай кыра бөҕөстөр «Үрүмэччи» бөлөх хапсаҕайдаан саҕалаата. Ол кэнниттэн күрэхтэһиини арыллыбытынан ааҕан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга параад саҕаланна.

Сахалыы сиэдэрэйдик симэммит лыах кэриэтэ кыракый кыргыттар бастакынан киирэн, кыра бөҕөстөрү параадка арыаллаатылар. Тириэнэр Петр Стручков, үс бөлөхтөн биирдии уол Эбээн-Бытантай улууһун былааҕын үөһээ күөрэппиттэрэ олус үөрүүлээх бэлиэ түгэн буолла.

Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Любовь Стручкова оҕолорго, төрөппүттэргэ ис сүрэҕиттэн эҕэрдэ тылларын анаата уонна хапсаҕай куруһуогун салайааччытыгар Христина Стручковаҕа спорт сайдыытыгар кылаатын иһин СӨ спортка министиэристибэтин махтал суругун дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолугар туттарда. Куруһуок салайааччыта Христина Иннокентьевна, тириэнэр Петр Петрович бэйэлэрин өттүлэриттэн үс сыл устата дьарыктаабыт, үлэлээбит оҕолорун хаартыскаларын мунньан, бэрт ураты оҥоһуулаах Кубогы өйдөбүнньүк быһыытынан уһуйаан тэриллибитэ 85 сыллаах үбүлүөйүнэн туттарбыттара истиҥ бэлэх буолла. Маны тэҥэ үс бөлөх төрөппүттэрин ааттарыттан махтал суругу тириэнирдэригэр Петр Петровичка, кылаабынай сэкирэтээргэ Алексей Алексеевичка үөрэн-көтөн тутан туттарбыттара тэрийээччилэргэ үрдүк сыанабыл буолла.

Христина Иннокентьевна үлэ уопутун тарҕаппыт, улуус эрэдээксийэтигэр таһаартарбыт «Очуос», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чуораанчык» уонна «Роль физической культуры и спорта в развитии человеческого капитала и реализации национальных проектов» норуоттар кыттыылаах Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай конференция хомуурунньугар киирбитин туһунан сырдатта. Маны таһынан «Ил Түмэн» парламент хаһыатыгар оҕолор тустарынан тахсыбытын кэпсээтэ.

Хапсаҕай иккис эргиирэ саҕаланна. Бу күрэх ыытыллар күнэ оруобуна Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт хапсаҕай Федерациятын Кубогын кытта тэҥҥэ буолбута икки бүк үөрүүлээх. Кырачаан бөҕөстөрбүт улахан тустууктары кытта тэҥҥэ биир күн хапсаҕайдаан, көбүөргэ күөн көрсөн, кэлин кинилэртэн улахан бөҕөстөр, улууспут аатын ааттатар чаҕылхай спортсменнар тахсыахтара диэн эрэл кыыма күөдьүйэр.

Тыҥааһыннаах, үгүс ыһыылаах-хаһыылаах күрэхтэһии кэнниттэн саамай долгутуулаах түгэн тиийэн кэллэ. Муҥутуур кыайыылаах уонна 2, 3 миэстэлэри быһаарар киирсиилэр буоллулар. Абсолютнай кыайыылаах аатын иһин бөлөх аайыттан 10-чалыы оҕо киирэн, күөн көрүстэ. Улахан бөлөххө Егор Ефимов муҥутуур кыайыылаах буолла. Иккис миэстэни Аким Слепцов, үһүс миэстэни Арслан Тоскин ыллылар.

Бэлэмнэнии бөлөххө Кирилл Петухов кыайыылааҕынан таҕыста. Иккис миэстэни Александр Другин, үһүс миэстэни Саян Тарзанов ыллылар.

Күрэх уопсай түмүгэ маннык буолла:
«Үрүмэччи» бөлөххө:
18 киилэ ыйааһыҥҥа диэри:
1 м. – Еремей Рожин
2 м. – Кристофор Старостина
3 м. – Аким Потапов

19 киилэ ыйааһыҥҥа диэри:
1 м. – Егор Никитин
2 м. – Александр Горохов
3 м. – Аян Куприянов

20 киилэ ыйааһыҥҥа диэри:
1 м. – Егор Ефимов
2 м. – Альберт Слепцов
3 м. – Аким Слепцов, Эрсан Горохов

«Сулусчаан», «Кустук» бэлэмнэнии бөлөххө:
19 киилэ ыйааһыҥҥа диэри:
1 м. – Арслан Тоскин
2 м. – Гарик Стручков
3 м. – Власий Дмитриев, Витя Сивцев

21 киилэ ыйааһыҥҥа диэри:
1 м. – Павел Слепцов
2 м. – Саян Данзанов
3 м. — Дамир Петров, Айхал Свинобоев

23 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м. – Эрсан Ефимов
2 м. – Кирилл Петухов
3 м. – Коля Сысолятин

23 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа:
1 м. – Александр Другин
2 м. – Коля Стручков.

Сылын аайы Христина, Петр Стручковтар дьиэ кэргэттэрэ, күрэх тэрийээччилэрэ биир оҕоҕо анал грамота бэлэмнииллэрэ үтүө үгэс буолбута. Бу сырыыга кинилэр дьиэ кэргэттэрин анал бирииһин Аким Слепцов ылан үөрүүтэ үксээтэ.

«Күрэхпит өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэртэн туох да уратыта суох, туох баар ымпыгын-чымпыгын учуоттаан туран, сэрэхтээх буолуу бэсиэдиэлэрэ ыытыллан, төрөппүттэргэ тиэрдиллэн, хас биирдии оҕоҕо страховка оҥоһуллан, доруобуйаларын туругун көрөн, тургутууну ааһан туран ыытылынна. Күрэх иннинэ 26 оҕо ыйааһыннаммыта, ол эрэн сорох оҕолор ыалдьан-туттан, араас убаастанар биричиинэн сатаан кэлбэккэ хаалбыттара. Ол эрэн, эһиил эмиэ күрэхтэһии баар буолуоҕа, санаарҕаамаҥ, долгуйумаҥ, өссө даҕаны оҕолорбут киирсиэхтэрэ диэн санааҕытын түһэримэҥ диэн төрөппүттэргэ, оҕолорго этиэм этэ. Түгэнинэн туһанан, сүүрбүт-көппүт, тэрийсибит дьоммор махталбын тиэрдиэт этэ. Саамай улахан махталым кырачаан бөҕөстөрбөр уонна кинилэр төрөппүттэригэр. Ону таһынан кэргэммэр, тириэнэргэ Петр Петровичка, кылаабынай сэкирэтээргэ Алексей Алексеевичка, уһуйааным сэбиэдиссэйигэр Любовь Ивановнаҕа, бииргэ үлэлиир кэлэктииппэр, үс сылы быһа күрэхтэһиини иилээн-саҕалаан ыыппыт Иван Семеновичка, оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэригэр Дмитрий Олеговичка уонна үлэһиттэригэр барҕа махтал буолуохтун! Маны тэҥэ хомуурунньукка биһиги оҕолорбутун сырдаппыт, үлэ уопутун тарҕатарга көмөлөспүт Татьяна Алексеевна Макароваҕа туһунан истиҥ махтал тылларын аныыбын. Барытыгар доруобуйаны, ситиһиини, үгүс үөрүүнү-көтүүнү, дьиэ кэргэҥҥитинэн или-эйэни баҕарабын. Кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан, Саҥа Дьолунунан!», — диэн махталын, үтүө баҕа санаатын Христина Иннокентьевна тиэрдэр.

Ааптар: Сардаана Копырина

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА