Ыам ыйын 27 күнүгэр, «Эркээйи эргиирэ» бырагырааманы олоххо киллэрии боппуруостарынан «Zoom»-ҥа ыытыллыбыт методическай ис хоһоонноох семинар киэҥ сэҥээриини ылла. Тэрээһиҥҥэ пилотнай үөрэх былаһааккаларын таһынан баҕа өттүнэн бырагырааманы олоххо киллэрэр баҕалаах тэрилтэлэр кыттыстылар.
Онлайн семинарга оскуолаҕа үөрэх уонна наука хайысхатын сүрүннүүр завучтар, уһуйаан старшай воспитателлэрэ, методическай холбоhуктар салайааччылара, эбии үөрэхтээhин методистара, кылаас салайааччылара кыттыыны ыллылар. Уопсайа 200-чэкэ педагог Интернет ситимигэр холбосто. Тэрээһин Саха ϴрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ бигэргэппит былааныгар олоҕуран тэрилиннэ. Онтон бу үлэни сүрүннээччинэн «Юные якутяне» республикатааҕы тирэх киин буолар.
Семинары «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама ааптардара: Екатерина Чехордуна, педагогическай наука кандидата, Саха ϴрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэhитэ уонна Валентина Степанова, философскай наука кандидата, Саха ϴрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала ыыттылар. Семинар модераторынан Геннадий Охлопков, «Юные якутяне» республикатааҕы тирэх киин үлэһитэ, «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама олоххо киириитин сүрүннээччитэ үлэлээтэ.
Екатерина Петровна «Аныгы кэмҥэ төрүт үгэстэри тутуhан сайдар эйгэни тэрийии» диэн тиэмэни киэҥник хабан арыйда. Биир-биир өйдөбүллэргэ олоҕуран, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр ханнык үлэ көрүҥүнэн ситиһиллиэн сөбүн ыйда. Ордук болҕомтотун киирээри турар «Оскуола иитии үлэтин бырагырааматыгар» туһаайда. «Бастаан бэйэ үлэтин, буола турар быһыыны-майгыны ырытан көрүллүөхтээх, салгыы «Эркээйи эргиирэ» этэр санаатыгар сөп түбэһиннэрэн сааһыланыы барыахтаах, онтон учуутал, педагог кыайар хайысхаларынан дириҥээн саҥа таһымҥа тахсыахтаах», – диэн бэйэтин сүбэлэрин анаата.
Валентина Егоровна «Тус бэйэни «Өй-санаа» уонна «Дьарык» эйгэтигэр сайыннарыы сэhэнэ» диэн тиэми «Айыы кыһатыгар», «Сэргэлээх» оскуолатыгар коллегаларын кытта айымньылаахтык үлэлээн ситиспит түмүктэригэр олоҕуран, сайыннарыылаах үөрэх ис хоһоонун арыйда. Маныаха «учуутал» халыыбыттан тэйэн, «уһуйааччы» таһымыгар тахсар, «Уруок» өйдөбүлүттэн тахсан, «Дьарык» ис хоһоонугар умсар кэм кэлбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Бу түмүгэр эйгэ киһитийиэхтээх, олохтон үөрэнэр үөрэнээччи модела олоҕуруохтаах. Ол аата тус бэйэни сайыннарар үөрэх сэһэнэ – «киһини киһиэхэ төнүннэрии, омугу омукка төнүннэрии», – диэн бэлиэтээн туран, ис хоһоонноох үлэҕэ ыҥырда.
Семинар кыттыылаахтара тэрээһин практическай үлэҕэ хайысхалыыр, баһаччы дьайар суолталаммытын бэлиэтээтилэр, салгыы үлэлииргэ интэриэс күөдьүйбүтүн, баҕа санаа үөскээбитин эттилэр. Түмүккэ киирбит ыйытыыларга хоруйдаан, сүбэ-ама бэрилиннэ. Семинар бүтүүтүгэр иһитиннэрбиттэринэн, тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьон бары Саха ϴрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин, «Юные якутяне» республикатааҕы тирэх киин аатыттан электроннай сертификаттары тутуохтара.
Түгэнинэн туһанан, бырагырааманан үлэлиэн баҕалаах бары тэрилтэлэри «Эркээйи ситимэ» диэн ватсап бөлөххө ыҥырабыт. Билсэр нүөмэргит: 8(984) 107-78-16. Сайдар эйгэни олохтуурга бары турунуоҕуҥ, диэн СИА-ҕа суруйда «Юные якутяне» республикатааҕы тирэх киин пресс-сулууспата.