22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сахаян Потапов: “Таптыыр идэтигэр АЛРОСА-ҕа киһи элбэҕи ситиһэр!”

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

 “Анаабыр алмаастара” “Майаат” бириискэтин дириэктэрин солбуйааччы Сахаян Потапов алмааһы хостуур бырамыысыланнаска саамай алын турар идэттэн саҕалаан  билигин тыһыынчанан киһилээх кэлэктииби салайар дуоһунаска тиийэ улааппыт киһи. Быйыл … сааһын туолбут исписэлиис олоҕун суолун сыныйан үөрэтэн көрдөххө, үлэтинэн сыыдамнык өрө тахсыыга хайаан даҕаны билсии-көрсүү, төбө үрдүнэн ыттыы баар буолуохтаах диэн өйдөбүл сыыһата көстөр. Сөптөөх үөрэхтэри баһылааһын, талбыт идэҕэ бэриниилээх буолуу – үрдээһин дьиҥнээх төрүөтэ буолара көстөр.   

Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах

Төрөөбүт дойдум Горнай улууһун Кэптинэ, бэрт ыраах, улуус кыраныыссатыгар сытар, тиийэргэ мөлтөх суоллаах-иистээх кыра дэриэбинэ этэ. Биэс оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ улааппытым. Эдьиийдээхпин, икки балтылаахпын уонна саамай кырабыт быраатым буолар. Аҕам «Сиинэ” национальнай айылҕа пааркатыгар үйэтин тухары иниспиэктэринэн үлэлээбитэ. Ийэм мин оскуолаҕа барыахпар диэри оҕо уһуйааныгар баспытааталлаабыта, онтон дьиэни, сүөһүнү көрө, дьиэ хаһаайката буолбута. Билигин бииргэ төрөөбүттэрим бары араас эйгэҕэ үлэһиттэр. Быраатым аҕатын туйаҕын хатарааччы – эмиэ “Сиинэҕэ” иниспиэктэрдиир. Эдьиийим, балтыларым үөрэх, быраап уонна атыы эйгэтигэр бэйэлэрин аналларын булбуттара.

Биир сыл элбэҕи билэр

Дьиҥэр, эмиэ аҕам суолун батыһан айылҕа харыстабылыгар идэ булунуохпун сөбө эбитэ буолуо. Ол эрээри, кыра эрдэхпиттэн наар тугу эрэ чинчийэрим, сиргэ сытар таастары интэриэһиргиирим. Биирдэ ийэм “Өйдүүгүн, кыра кылаастарга сылдьан “походтан”  үрүсээккэр толору таас сүгэһэрдээх кэлбиккин?” диэн умнубут түгэммин санатан соһуппута. “Геология” диэн тыл суолтатын өссө чопчу билбэт да эрдэхпинэ, идэм үөһэттэн анаммыт курдук эбит. Онтон оскуоланы бүтэрэн баран Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар  “государственное и муниципальное управление” диэн үөрэххэ киирбитим. Ол эрэн, бу орто үөрэх буоллаҕа дии, онон 2005 сыллаахха бүтэрэн баран, “үрдүк үөрэҕи хайаан даҕаны ылабын” диэммин, бэрт өр толкуйдаан баран ХИФУ-га хайа байытар салааҕа туттарсан киирбитим. Саха сиригэр сир баайын хостуурга сыһыаннаах идэ туһалаах буолуо диэн аҕам да сүбэлээбитэ уонна ол кыра эрдэхпиттэн дьикти диэбит таастарбын сиэпкэ укта сылдьыбытым биллэҕэ. Аны били салайыы өттүгэр үөрэммиппин таах хаалларымаары, кэтэхтэн үрдүк үөрэххэ киирбитим, Санкт-Петербурдааҕы “Управление экономики” диэн үөрэҕи ХИФУ-га сүрүн үөрэхпин кытта тэҥҥэ 2011 сыллаахха түмүктээбитим. Аны ити сыл бастакы оҕом, кыыһым төрөөбүтэ, дьэ, бэрт сыралаах уонна бэрт үөрүүлээх сыл буолбута. Аҕыйах күн курдук ааспыта ити олохпор  биир улахан суолталаах сылым.

Тимир таастааҕар уйан

Университекка үөрэнэ сылдьан 2008 сыллаахха быраактыкаҕа барбыппыт. Оруобуна ити кэмҥэ Эбэлээх оробуочай бөһүөлэккэ үлэлэри түмүктүүр сыл эбит. Онно АЛРОСА   “Анаабыр алмаастара” тэрилтэтигэр ананан ити бөһүөлэккэ тиийбитим. Ол курдук, маҥнайгы хайа үлэлэригэр сыһыаннаах идэбин ылбытым — “грохотовщик” диэни.

Бу хайа үлэтигэр саамай намыһах квалификациялаах үлэ буолуо. Грохотовщик бункер иһигэр турар, онно экскаватор боруоданы кутар, онно кутуллубут барыта сиитэ нөҥүө ааһар, 40х40 см кээмэйтэн улахан таастар иҥнэллэр. Дьэ олору балтанан (кувалданан) үлтү сынньан, хайаҕаһы ааһар кээмэйдээх оҥороҕун. Олус ыарахан үлэ – өҥүрүк куйааска быыстала суох таас үлтүрүтүү. Онно билбитим, тимир таастааҕар уйан буоларын – биир күҥҥэ биир балтаны туһаттан тахсыар диэри сынтаччы охсон кэбиһэр этим. Биир күн – биир балта!

Үөрэхпин бүтэрэн баран тутатына идэбинэн үлэлээбэтэҕим. “Якутгеофизика” тэрилтэҕэ техник-наладчик быһыытынан киирбитим. Төрөөбүт дэриэбинэм, Кэптин аттынан ньиэп көрдүүр эспэдииссийэ ааспыта. Олору кытта кэпсэтэн, Кэптинтэн 25 уолу хомуйбутум уонна ити эспэдииссийэҕэ кыттыһан үлэлии барбыппыт. Ити курдук үс аҥаар сыл сейсморазведканан дьарыктаммытым. Онно эбии “геофизик-оператор” идэтин баһылаабытым. Онно партиябыт салайааччыта “бу хайысхаҕа чыпчаалыгар тиийдиҥ, мантан үрдүүр кыаҕыҥ суох” диэн эппитэ. Бу этиини сүбэ курдук ылыммытым, “бачча эдэр сылдьан сайдыыбар тохтоон хаалыам дуо” диэн, үөрэммит хайысхабынан үлэ көрдөөбүтүм. Ол курдук 2013 сыл күһүнүгэр “Анаабыр алмаастара” хампаанньаҕа кэлбитим, “горнай маастар” быһыытынан үлэҕэ киирбитим. “Биллээх” диэн тиһэх сылын үлэлиир учаастакка тиийбитим – аҕыйах тиэхиньикэлээх, биир “сортировкалаах” кыра учаастак этэ. Онно бэрт кыра кэминэн “Биллээх” салайааччытын эбээһинэһин толорооччу буолан хаалбытым. Ити учаастагы толору түмүктээн, сабыллыытын тэрийэн баран, “Тигликит” учаастакка көспүтүм. Үчүгэй көрдөрүүлээх үлэ буолбута, икки сылынан “Тигликит” салайааччытынан анаммытым. Онтон 2017 сыллаахха “Майаат” бириискэ тиэхиньиичэскэй салайааччытын дуоһунаһыгар анаабыттара. Ити кэмҥэ тэрилтэ иһинэн бэрт улахан уларыйыылар, хампаанньа үлэтин тупсарар сыаллаах хамсааһыннар тахсыбыттара. Үлэ элбэх этэ, тус бэйэм ити кэмнэргэ сынньанар диэни билбэккэ үлэлээн тигинээбитим. Онтон 2019 сыллаахха бириискэ дириэктэрин солбуйааччытынан анаммытым, түбүгүм өссө элбээбитэ.

“Майаат” бириискэ олоҕо-дьаһаҕа

Билигин “Майаат” бириискэҕэ уонна “Үрүҥ Хайа” ньиэп баазатыгар туох-баар бытовой кыһалҕаларын, хостуур-сууйар сүрүн үлэбитин ымпыктарыгар-чымпыктарыгар тиийэ билэ-көрө, быһаара сылдьабын.

Үлэ дьыл ханнык баҕарар кэмигэр күөстүү оргуйар. Холобур, билигин бириискэҕэ арыый  да үлэ аҕыйах кэмэ – эһиилги сууйар сезоҥҥа бэлэмнэнии. Сорох дьон баахталарын түмүктээн дьиэлииллэр, аҕыйах хаалбыт киһи бу сезон сабыллыытын ыытар. Ол оннугар “Үрүҥ Хайаҕа” муҥутуур тыҥааһыннаах үлэ саҕаланна, кэлэктиип саамай улаатан турар кэмэ. Тоҕо диэтэххэ, Хотугу муустаах муора суолунан таһаҕас тиэйии бара турар. Архангельскайтан сухогруз кэлэр, Өлүөнэ өрүһүнэн Дьокуускайтан таһаҕас, ньиэп бородууктата кэлэр.

Дьаҥ туруон иннинэ сууйуу үлэтигэр, “Морҕоҕор”, “Хара Мас”, “Эбэлях-Гусиный” уонна “Талахтаах” муҥутуур күүстэринэн үлэлиир кэмнэригэр “Майаат” бириискэҕэ 950 киһи үлэлиир этэ. Онно “Үрүҥ Хайа” үлэһиттэрин эбэн кэбис – тыһыынчаттан тахса киһи үлэтин түмэ, дьаһайа олорбуппут.

Бу сайын сүрүн үлэни таһынан эбии улахан үлэ барда, элбэх эбийиэк, тиэхиньикэ саҥардылынна, өрөмүөннэннэ. Ону барытын бэйэбит үлэһиттэрбит күүһүнэн оҥоробут, туораттан бэдэрээт толорооччулары наймылаһар үгэспит суох.

Дьаҥ дьайыыта

Кэнники икки сыл, биллэн турар, дьаҥ дьайыыта биллэр мэһэйдэри, хааччахтары аҕалла.  Былырыын ыарыы үгэннээн турар кэмигэр бириискэҕэ кэлэр дьон икки нэдиэлэлээх обсервация кэнниттэн анал көстүүмнээх, мааскалаах кэлэн баран, онтуларын биэрэккэ уоттаан баран дьон олорор сиригэр кэлэр этилэр.

Биһиги салалтабыт хара маҥнайгыттан вакцинация миэрэлэрин толору киллэриини төһө кыалларынан түргэнник оҥорор туһугар кыһаллыбыта. Билигин бириискэ үлэһиттэрин 99% вакцинацияламмыт. 1% —  быраас вакцина ылалларын тохтоппут дьоно. Маасканы булгуччу кэтии, бэйэҥ көрбүтүҥ буолуо, манна көннөрү сүбэ буолбатах – кытаанахтык ирдэнэр, кэтэнэр миэрэ. Дезинфекция быыстала суох оҥоһуллар. Билигин үлэһиттэр үс күннээх харантыыҥҥа сытан, анаалыс туттаран баран кэлэллэр, кэлэр таһаҕаһы харыстыыр көстүүмнээх дьон туталлар. Бу миэрэлэр ааспыт сууйуу сезонун ыарыыттан сылтаан харгыстаммакка ситиһиилээхтик түмүктүүргэ көмөлөспүттэрэ.

Ол да буоллар, ыарыы үлэҕэ дьайыыта баар. Үлэһиттэрбит ыалдьыбаталлар даҕаны, кинилэр аймахтара, чугас дьонноро күүскэ ыарыйдахтарына, суорума суолланнахтарына, биһиги дьон кыһалҕатын өйдөөн, хантараак болдьоҕуттан эрдэ ыытар этибит. Үлэ диэн үлэ, олох диэн олох.

 Баахта уһунун туһунан

Дьиэ-уот ахтылҕана, чугас дьоҥҥун суохтааһын – уһун болдьохтоох баахтаҕа баар суол. Мин бэйэм даҕаны маҥнайгы сылларбар соҕотохсуйуу диэн тугун эт хааммынан билэн турабын. Дьиктитэ баар – эдэр, дьиэ кэргэнэ суох уолаттар уһун баахтаны кэргэннээх, оҕолоох дьонтон мөлтөхтүк тулуйаллар эбит. Омос санаатахха, дьиэ кэргэннээх киһи ахтар дьонноох, тэһийбэт кини буолуохтаах курдук дии? Дьиҥэр, толкуйдаан көрдөххө, ити өйдөнөр. Үксүн соҕотох киһи туруоруммут сыала боростуой – харчы өлөрөөһүн, “крутой тачка” атыылаһааһын эҥин. Ыал аҕата буоллаҕына, дьонун туһугар үлэлиир, инники кэскилин түстээри кэлэр, ол иһин кини сыала чиҥ, ис туруга кытаанах. Оттон иккис симиэнэҕэ төннүбүт, баахта диэн тугун билбит дьон “бэйэ дьоно” буолаллар, бириискэ сүрүн састааба кинилэртэн таҥыллар.

Түмүккэ

Үөрэх элбэҕи быһаарар. Ол эрэн, мин санаабар, олох сүрүнэ – таптыыр идэҕэр хара маҥнайгыттан таба тайаныы буолар. Сөбүлүүр дьарыккын олоҕуҥ сыала оҥоһуннаххына, үөрэх да чэпчэкитик киирэр, үлэ да үөрүүнү кытта сатанар. Онон эдэр ыччакка сүбэм – идэни таларгытыгар бэйэҕит ис санааҕытын эрэ истиҥ, сөбүлүүр дьарыккытын булуҥ уонна ити хайысхаҕа дьонтон барыларыттан ордук буола сатааҥ!

Ааптар хаартыскалара

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА