СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев РФ бэрэсидьиэнин Анал этиитигэр «тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, дойдуга экологическай балаһыанньаны тупсарыыга сүрүн болҕомтотун уурда», диэн санаатын эттэ.
— Владимир Путин Россия сиригэр-уотугар барытыгар киһи олоҕо экологическай өттүнэн туруктаах буолуутугар үрдүк ирдэбиллэринэн хааччыйар наадатын бэлиэтээтэ. Кини саныырынан, бу тулалыыр эйгэҕэ буортулаах дьайыы аччааһынын, ыраас уунан хааччыйыыны, тулалыыр эйгэҕэ буортута суох уопсастыбаннай тырааныспар көрүҥүн туһаныыны, куорат иһигэр бөҕү-сыыһы суох оҥорууну, саҥа заповедниктары уонна национальнай пааркалары тэрийиини кытта сибээстээх.
Саха сиригэр тулалыыр эйгэҕэ дьайар бырамыысыланнас сүрүн салааларыгар кэлимсэ тэрээһиннэр ыытыллаллар: алмааһы-көмүһү хостооһун, ньиэп-гаас, таас чох бырамыысыланнаһа, ОДьКХ уонна энергетика эйгэтэ. Ол курдук, ньиэби тиэрдэр эбийиэктэр — Томтордооҕу сэдэх металлаах сир, “Илин Сибиир –Чуумпу акыйаан” ньиэп ситимэ уонна тутулла турар “Сибиир күүһүгэр” ураты хонтуруолга тутуллаллар. Алдан, Өймөкөөн, Нерюнгри уонна Уус Маайа оройуоннарыгар баар кыһыл көмүһү хостуур тэрилтэлэргэ былааннаах үлэ ыытыллар.
2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн министиэристибэ кэтээн көрөр үлэҕэ хоромньуну ааҕыыга туһуламмыт хайысхаҕа көстө. Итинэн сибээстээн “Хонтуруоллуур-кэтээн көрөр үлэни ыытыы” тус сыаллаах моделы олоххо киллэриигэ “Суол каартата” бигэргэннэ.
Быйыл 24 саҥа заповедник уонна национальнай паарка арылларын туһунан сонуну үөрэ иһиттим. Биллэрин курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар чугастааҕы кэмҥэ “Новосибирскай арыылар” уонна “Өлүөнэ туруук очуостара” тэриллиэхтэрэ. Ону тэҥэ быйыл Нерюнгри оройуонугар “Улахан Токко” уона Аллараа Халыма улууһугар “Медвежьи острова” айылҕа судаарыстыбаннай заповедниктарын тэрийиигэ үлэ саҕаланыаҕа. Маны тэҥэ министиэристибэ айылҕа саҥа мэҥэ таастарын тэрийиигэ ылсыаҕа. Соторутааҕыта Сунтаар улууһугар “Күүкэй күөлэ” олохтоох суолталаах күөл ураты статуһу ылбыта, билигин Хаҥалас улууһугар олохтоох суолталаах 3 ураты күөлү тэрийиигэ үлэ ыытыллар, — диэн эттэ миниистир Сахамин Афанасьев.