22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сахаларга генынан бэриллэр сэттэ төрүт ыарыы баара биллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

М.К. Аммосов аатынан университет Дьокуускайга Арктика норуоттарын төрүт ыарыыларын регистрын уонна биобаанын оҥорууну саҕалаата. Сахаларга сэттэ ураты ыарыы баара биллэр. Ол туһунан ТАСС-ка мединститут «Молекулярная медицина и генетика человека» научнай-чинчийэр лабораториятын салайааччыта, медицина наукатын доктора Надежда Максимова кэпсээтэ.

Сахаларга сэттэ генетическай сэдэх ыарыы баара биллэр. Сылын аайы маннык ыарыылардаах 15-кэ тиийэ оҕо төрүүр. Бу ыарыылар ортолоругар тирозинемия баар. «Эмтээһин баар, ити эрээри олус сыаналаах. Бу маннык диагнозтаах биир оҕону эмтииргэ сылга 1 мөл солк наада. Ыарыы олус ыарахан, эмтэммэтэҕинэ оҕо өлөр«, — диэтэ учуонай Надежда Максимова.

Норуот быһыытынан ураты ыарыыларга бааллар: SOPH-синдром, кыра уҥуохтаах буолар, көрөр ньиэрбэтэ хатар, 3-М-синдром — сахалыы синдром дэнэр, кыра уҥуохтаныы, бастакы А-тииптээх төрүөҕүттэн истибэт буолуу, метгемоглобинемия, нейрональнай цероиднай липофусциноз алтыс тиибэ, бу түбэлтэҕэ оҕо кыра сааһыгар олохтон күрэнэр.

Сиһилии: https://ysia.ru/uchenye-sozdayut-registr-nasledstvennyh-boleznej-narodov-arktiki/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА