«Бары суһал штабтар — киин Москваҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьокуускайга, Уһук Илиннээҕи Владивостокка, маны сэргэ Саха сириттэн сылдьар байыаннайдары наадалаах тэриллэринэн хааччыйыыга эбии штаб суһаллык уонна сөптөөхтүк үлэлээтэ, туруоруллубут соруктары толордо. Хамыыһыйа мунньаҕар былааны уонна 2025 сыллааҕы сүрүн хайысхалары кэпсэттибит.
Сүрүн соруктарынан — Саха сириттэн сулууспалааччылар чаастарын техниканан уонна анал тэриллэринэн хааччыйыы буолар. Үлэ тохтоло суох барыахтаах, оччоҕуна кэмигэр уонна сөптөөх көмө тиийиэҕэ», — телеграм-ханаалыгар Ил Дархан суруйда.
«Байыастарбытын өйөөһүн өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн дьыалата — кыра көҕүлээһинтэн улахан бырайыактарга тиийэ. Сомоҕолоһуу, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү иннибит диэки сирдиир уонна уопсай Кыайыыны чугаһатар!» — диэтэ Айсен Николаев.