«Сибиир күүһэ» газопроводка холбонор бырагыраамаҕа Саха сирин 21 киирдэ. Билигин социальнай гаастааһын бырагырааматынан барыта 2901 газопровод тутулунна. Бу туһунан регион баһылыга Айсен Николаев «Быһа биэрии» кэмигэр иһитиннэрдэ, — диэн СИА кэпсиир.
Билигин регион салалтата эбии нэһилиэнньэлээх пууннары киллэрии туһунан кэпэстиини ыыта сылдьар, бастатан туран, Ленскэй улууһун манна Ковыктинскайтан Чаяндаҕа диэри тардыллар гаас турбата баар.
«Аан дойдутааҕы гаас форумугар Газпром салалтатын кытта көрсүбүтүм. Бу этиин сөбүлээтилэр, онон сотору кэминэн сөбүлэһии түһэрсиллиэ диэн эрэнэбит. Ону таһынан Газпром «Сахатранснефтегаз» региональнай оператор буоларыгар сөбүлэҥин биэрдэ. Социальнай гаастааһын бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэҕэ 2901 дьиэҕэ гаас киирдэ. Тэтимэ сүрдээх үрдүк», — диэтэ Айсен Николаев.
Санатан эттэххэ, кыаммат ыаллар олорор дьиэни гаастааһыҥҥа 150 000 солк. кээмэйдээх биир кэмнээх материальнай көмөнү ылыахтарын сөп.