Олунньу 5 күнүгэр Саха сиринээҕи онкологическай киин поликлиникатыгар пациеннары көрүү саҕаланна.
Поликлиника сменаҕа 210 киһи сылдьарыгар аналлаах, стационарнай отделениялар киириилэрэ олунньу устата түһүмэхтэринэн ыытыллыаҕа.
«Онкокиин бастакы үлэтин күнүгэр 20-тэн тахса киһи сырытта. Салгыы 180 миэстэлээх стационарнай отделениелар арыллыылара түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа. Манна түөрт хирургическай отделение баар. Сылга түөрт тыһыынча кэриҥэ операция оҥорор былааннаахпыт», — диэн кэпсээтэ кылаабынай бырааһы тэрийэр-методикалыыр үлэҕэ солбуйааччы Светлана Мыреева.