Нам, Орто Халыма уонна Анаабыр улуустарын делегациялара бу күннэргэ анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр биир дойдулаах байыастарыгар гуманитарнай көмөнү тиэрдэллэр. Ол туһунан ДНР уонна ЛНР территорияларыгар тирэх пуун сүрүннээччитэ Юстас позывнойдаах иһитиннэрдэ.
«Байыаннай сулууспалаахтарга сылаас таҥас, атах таҥаһа, матассыыкыллар кэллилэр. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан ыытыллыбыт обмундирование, медикамент, гигиена сириэстибэлэрэ, бородуукта, тырааныспар толору кээмэйинэн тустаахтарга тириэрдилиннэ. Байыастарга чугас дьонуттан, аймахтарыттан аадырыстаах баһыылкалар бэрилиннилэр», – диэтэ кылаабынай сүрүннээччи.
Юстас эппитинэн, тирэх пууннар сотрудниктара «Патриотическая» ТОР-тан анал байыаннай дьайыыга тиийбит «Якт-Сокол» квадроцикллары войскаларга тириэрдиини түмүктээн эрэллэр. «Восток» группировка подразделениялара Саха сириттэн 50-тан тахса «Якт-Сокол» туттулар.
«ДНР уонна ЛНР тирэх пууннар штат быһыытынан үлэлииллэр. Төһө да суол алдьаннар, Саха сириттэн кэлбит көмөнү байыаннай сулууспалаахтарга тириэрдии салҕанан барар, ол иһигэр Курскай хайысхатынан», – диэтэ Юстас.