Муус устар 25 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын Институтун уонна СР «Симэх» норуот искусствотын уонна уус уран оҥоһуктарын Национальнай Киинэ» автономнай тэрилтэ икки ардыларыгар бииргэ үлэлииргэ дуогабар түһэрсилиннэ. Сөбүлэһии сүрүн сыалынан билим төрүттэригэр олоҕуран норуот искусствотын, уус уран оҥоһуктарын, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэстэрин үөрэтии, чөлүгэр түһэрии, үйэтитии, ону сэргэ бу эйгэҕэ туттуллар тиэрминнэри судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллар таһымнарыгар таһаарыы буолар.
Тэрээһиҥҥэ, биллэр-көстөр учуонайдары сэргэ, ыҥырыылаах норуот маастардарын, бу эйгэнэн дьарыктанар үөрэх тэрилтэлэрин, общественнай түмсүүлэр салайааччыларын, үлэһиттэрин улахан бөлөҕө кыттыыны ылла. Бииргэ үлэлэһии дуогабарыгар илии баттаатылар: Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын Институтун дириэктэрэ Сардана Ильинична Боякова уонна СР «Симэх» норуот искусствотын уонна уус уран оҥоһуктарын Национальнай Киинэ» автономнай тэрилтэ дириэктэрэ, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Яна Викторовна Игнатьева.
Тэрээһин чэрчитинэн, норуот маастардарын, кинилэр үөрэнээччилэрин оҥоһуктарын улахан быыстапката үһүс этээскэ үлэлээтэ. Маны сэргэ «Балаҕан» комплексыгар туой оҥоһуктарга маастар-кылаас ыытылынна. Онтон институт иккис этээһигэр СР физ.култуураҕа уонна спортка Музейын директора Михаил Друзьянов, «Арассыыйа историятын халандаара» диэн тус быыстапката аһылынна. Манна, 1860 сыллааҕы тахсыбыттан саҕалаан, араас кэм халандаара үгүс дьон болҕомтотун тарта. Быыстапка, институт дьиэтигэр, Петровскай уулуссатын 1 нүөмэригэр, ыам ыйын 15 күнүгэр диэри туруоҕа.
Маннык хабааннаах Сөбүлэһиини РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын Института ахсынньы ыйтан бу төрдүс түһэрсиитэ буолар, суруйда ИГИиПМНС СО РАН пресс-сулууспата.