2012-2018 сылларга Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бырагыраама туолуутугар холбоон 67 млрд солк көрүллүбүт: өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан – 60 млрд солк, федеральнай хааһынаттан – 7 млрд солк. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов Ил Түмэн мунньаҕар эттэ.
Александр Атласов эппитинэн, «Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия на 2012-2018 годы» судаарыстыбаннай бырагырааманан өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан үбүлээһин 7,4 млрд-тан 9,5 млрд солк диэри улааппыт. 2019 сылга 10 млрд 883 мөл солк, ол иһигэр 9,55 млрд солк — Саха сирин бюджетыттан.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы 2010 сылтан түһэ сылдьан баран, 2016 — 2018 сылларга биллэрдик өрө тахсыбыт. Миниистир этэринэн, бу судаарыстыбаннай бюджеттан субсидияны биэрии тутула уларыйбытын кытта сибээстээх.
Атласов 2012 — 2018 сылларга хамнас үрдээһинэ 30-тан 44,5% тэҥнэспитин эттэ. Ол эбэтэр 12 000-тан 30,5 тыһ. солк тириэрдиллибит.
Ити эрээри үлэлиир киһи тыа сириттэн барыытын ахсаана бэлиэтэнэ турар. Көрдөрүү 2012-2018 сылларга 58%-тан 53%-кэ диэри түспүт. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр үлэлиир баҕатын биллэрбит исписэлиистэри кытта дуогабар түһэрсиитэ эмиэ намтаабыт. Холобур, 2018 сылга — 128 буоллаҕына, 2019 сылга — 78.
2010 — 2018 сылларга 1133 эдэр исписэлиис үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсибит буоллаҕына, билигин 451 киһи үлэтин салгыыр.