Саха сиригэр эбии 18 сэлиэнньэ 4G цифровой сибээс операторыгар холбонно. Исписэлиистэр «Устранение цифрового неравенства» федеральнайдааҕы бырайыагынан үлэни ыыттылар. Билигин МегаФон операторын түргэн интернетынан алта тыһыынчаттан тахса киһи ыраах улуустарга туһанар буолла.
Сибээс холбонно Үөһээ Бүлүү Быракааныгар, Бүлүү Күүлэкээнигэр, Кировотыгар, Күндэҕэ, Кэбээйи Тыайатыгар, Баҕадьатыгар, Арыылааҕар, Ленскэй Чамчатыгар, Мэҥэ Хаҥалас Даркылааҕар, Быраматыгар, Уус Майа Күпсэтигэр, Эдьээнигэр, Нам Хоҥор Биэтигэр, Сунтаар Туойдааҕар, Наахаратыгар, Тэҥкэтигэр, Толоонугар, Чурапчы Оҕуһуругар.
Бырагыраамаҕа 100 — 500 киһи олорор нэһилиэнньэлээх пууннара киирдилэр.