Бэс ыйыгар Саха сирин суолларыгар эбии 26 хаартыска-видеофиксация камерата туруорулунна, суол быраабылатын кэһиини устуоҕа. Ол туһунан «Управтодор РС(Я)» тэрилтэ кэпсиир.
Тэрилтэ туһааннаах отделын салайааччыта Иван Лукин эппитинэн, камералар ДПС иниспиэктэрин таһымыгар суоппары бэрээдэктииллэр. Суукканы эргиччи үлэлииллэр, күн-дьыл туругуттан тутуллубаттар.
Камералар саахал тахсыан сөптөөх сэрэхтээх учаастактарга турдулар. Бу суол быһылаанын аҕыйатыаҕа. Холобур, регион суолларыгар биэс ыйга ДТП-га өлүү 37,5%, федеральнайга — 58% түстэ.
Билигин саҥа камералар тест эрэһиимигэр үлэлииллэр. Камералар ханан туралларын сигэнэн киирэн көр.