22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин спортсменнара чэпчэки атлетикаҕа Россия чемпионатын өссө үс кыһыл көмүһүн ыллылар

10:01, 18 июля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Россияҕа доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнарга чэпчэки атлетикаҕа чемпионатыгар өссө үс кыһыл көмүс мэтээли ылла.Ол туһунан хамаандалары бэлэмниир киин иһитиннэрдэ, суруйар ЯСИА.

Бастакы кыһыл көмүһү күрэхтэһии иккис күнүгэр Саргылан Семенов 400 м дистанцияҕа аҕалла. Күүстээх конкуренцияҕа, Россия спордун үтүөлээх маастардара баар күрэхтэһиитигэр, Саха сирин сүүрүүгэ бүтэһик эргииргэ инникилээтэ уонна бастакынан фиништаата. Бу дистанцияҕа Саргылан Семенов тус рекордун олохтоото.

Василина Иванова иккис күн субуруччу дойду чемпионатын пьедесталын үрдүкү үктэлиттэн түспэтэ. Бу иннинэ ядроҕа кыайбыт буоллаҕына,  билигин диискэни быраҕыыга тэҥнээҕин булбата.

Хаартыска: Дьулустаан Сергеев/ЯСИА

Иккис кыһыл көмүһүн Россия хамаандатын лидера Айаал Сивцев ылла. Кини диискэни 30-тан тахса миэтэрэҕэ кыыратта уонна бастаата.

Хаартыска: Дьулустаан Сергеев/ЯСИА

Үрүҥ көмүһү диискэ быраҕыытыгар Виктория Петрова ылла. Күн эрдэлээн ядроҕа иккис призер буолбута.

Хаартыска: Дьулустаан Сергеев/ЯСИА

Өссө икки күн баар Чувашиятааҕы күрэхтэһиигэ сытыы киирсиилэр ыытыллаллара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА