Дмитрий Коркин аатынан норуоттар ардыларынааҕы турнир саха тустууктарыгар — аан дойду спордун сулустарын кытта биир көбүөргэ киирсиигэ уопут буолар. Ол туһунан комментарийы СИА-ҕа Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тренерэ Александр Оконешников эттэ.
«Константин Капрынову бэлиэтиибин, кини шанстаах этэ финалга тахсар. Ньургун Сергин эмиэ финалга киирэр бэлэмнээҕэ, ити эрээри бэйэтин кыаҕын ситэри туһаммата. Станислав Свинобоев эчэйиилээх, старда да суох этэ, түмүккэ үһүс буолла.
Маннык турнирдарга бөҕөс бэйэтин сыыһаларын көрөр, инникитин ону туоратарга дьулуһар. Тренердэри кытта үлэ барыаҕа. Ярыгин турнирыгар ситиһиилээхтик кыттыахтаахпыт», — диэтэ Оконешников.
Саха тустууктара биэс боруонса мэтээли иилиннилэр: Андрей Бекренев (61 кг), Константин Капрынов (70 кг), Станислав Свинобоев (74 кг), Ньургун Сергин (92 кг), Максим Толмачев (97 кг).
Соҕотох кыһыл көмүһү Арыйан Тютрин (57 кг) ылла.
«Чахчы сулустар кытыннылар, аан дойду таһымнаах бөҕөстөр, Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чулуулара. Коркин турнирын кыттыылаахтарын састааба аан дойду чемпионатын састаабыгар тэҥнээх. Турнир тустууну сөбүлээччилэргэ үөрүүнү аҕалла, спортсменнарга — уопут. Кыахтарын-күүстэрин, бэлэмнэрин бэрэбиэркэлэннилэр, бу барыта кэлэр стартарга туһалыаҕа», — диэтэ тренер.