Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Дмитрий Коркин аатынан норуоттар ардыларынааҕы турнирга кыттарга бэлэмнэнэр. Күрэхтэһии алтынньы 28 — 29 күннэригэр Дьокуускайга буолуоҕа.
Бүгүн куорат баһылыга Евгений Григорьев тустууктарга формаларын туттарда, суруйар СИА.
Григорьев спортсменнарга ситиһиилээхтик кытталларыгар, өрөспүүбүлүкэ аатын чиэстээхтик туталларыгар ыҥырда. «Саха сирин олохтоохторугар көҥүл тустуу — бастакы нүөмэрдээх спорт. Биһиги бу турниры ыытарбытыгар олус улахан эппиэтинэстээхпит. Оттон спортсменнарга икки төгүллээх эппиэтинэс — чаҕылхай киирсии, Дмитрий Петрович Коркин уонна кини иитиллээччилэрэ аан дойду таһымыгар таһаарбыт саха тустуутун оскуолатын көрдөрүү», — диэтэ куорат баһылыга.
Спортивнай форманы «Таҥас» хампаанньа тиктэ.
Өрөспүүбүлүкэни 20-чэ спортсмен көмүскүөҕэ.
Дмитрий Коркин быйылгы турнира Саха АССР 100 сылыгар ананар. Барыта 150 тустуук 10-тан тахса дойдуттан кыттара былааннанар. Күрэхтэһии «Триумфка» буолуоҕа.
Хаартыска: Анастасия Филиппова, СИА