Саха сирин территориятын өрүстэрэ муустан ыраастаныылара борогунуос быһыытынан баран иһэр. Халаан куттала ханна да бэлиэтэммэт. СИА ЫБММ регионнааҕы салаатын пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.
Өлүөнэ эбэ Булуҥ оройуонун таһынан мууһуттан ыраастанар. Күһүүрүнэн ааһар, уу таһыма — 2574 см. Ааспыт сууккаҕа 60 км сыҕарыйбыт.
Халыма өрүскэ муус Аллараа Халыманан ааһар. Черскэй бөһүөлэгинэн, уу таһыма — 349 см, ааспыт сууккаҕа 10 км хамнаабыт.
Сиһилии https://ysia.ru/ledohod-na-rekah-yakutii-prohodit-spokojno-2/