Индигиркаҕа муус Аллайыаха туһаайыытынан устар, аллараа тардыыта төрдүгэр тиийдэ. Үөһээ тардыыта Чокурдааҕынан 140 км аллара баар. Кэлэр сууккаҕа муус толору төрдүгэр тиийиэҕэ.
Халыма эбэҕэ муус Аллара Халыма оройуонун туһаайыытынан устар. Аллара тардыыта Черскайтан 70 км аллара бэлиэтэнэр. Уу таһыма 436 см, кутталлааҕа 600 см. Үөһэ тардыыта – Черскайтан 40 км аллара. Муус эбэ төрдүтүгэр тиийиитэ бэс ыйын бастакы дэкээдэтигэр былааннанар.
Алаһыай эбэ мууһа Аллараа Халыма территориятынан ааһар. Алын тардыыта Андрюшкиноттан 85 км аллара, уу таһыма 664 см, кутталлааҕа 920 см. Үөһэ тардыыта – Андрюшкиноттан 10 км аллара. Төрдүгэр тиийиитэ бэс ыйын саҕаланыыта.
Анаабыр өрүскэ муус Анаабыр оройуонун туһаайыытынан ааһар. Аллара тардыыта Үрүҥ Хайаттан 25 км бэлиэтэнэр, үөһэтэ — Сааскылаахтан 145 км аллара, уу таһыма 1105 см, кутталлааҕа 1170 см. Төрдүгэр тиийиитэ бэс ыйын бастакы дэкээдэтэ.