Саха сиригэр коммунальнай өҥөлөрү оҥорор тэрилтэлэргэ иэс 15 млрд солк буолла. Олохтоохтор 6,5 млрд солк иэстээхтэр, бу былырыыны кытта тэҥнээтэххэ 1 млрд солк элбэх, бу туһунан регион сүрүн пресс-сулууспата суруйда.
Дебиторскай иэс, кытаанах коммунальнай тобоҕу уонна гааһы киллэрэн туран, 15,8 млрд солк буолла диэн, хамыыһыйа мунньаҕар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун иэһэ 6,5 млрд солк буолла. Атын өҥөнөн туһанааччылар, ол иһигэр индивидуальнай предпринимателлэр, иэстэрэ 5,4 млрд солк, былырыыҥҥы дааннайы кытта тэҥнээтэххэ, 1 млрд солк элбэх.
Бюджет тэрилтэлэрин иэстэрэ 600 мөл солк эбиллибит. Былырыын бюджет тэрилтэлэрэ бу күҥҥэ 1,2 млрд солк иэстээх буоллахтарына, быйыл — 1,8 млрд солк. Элбэх иэс муниципальнай бюджеттан үбүлэнэр тэрилтэлэргэ баар. Иэстэрэ 1 млрд солк, бу 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ икки төгүл элбэх. Муниципалитеттарга куһаҕан динамикалаахтар — Булуҥ улууһа, Усуйаана, Дьокуускай, Аллараа Халыма, Өймөкөөн оройуона.
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрилтэлэр иэстэрэ 400 мөл солк. Элбэх иэстээхтэр — «Госкомобеспечение», үөрэх, спорт, үлэ, тас дойдулары кытта үлэ министиэристибэлэрэ. Федеральнай бюджеттан үбүлэнээччилэр иэстэрэ — 0,4 млрд солк.
Мунньахха иэстэн босхолонууга былаан оҥорулунна.