Саха сирин олохтоохторо халаантан эмсэҕэлээбит Таатта улууһугар 490 тыһыынча солкуобайы хомуйдулар

Саха сирин олохтоохторо халаантан эмсэҕэлээбит Таатта улууһугар көмөлөһөөрү “Сааскы кэм” аһымал кэнсиэригэр түмүстүлэр. Уопсайа 490 тыһыынча солкуобайы киллэрдилэр.

“Оройуоҥҥа халаантан түөрт нэһилиэк эмсэҕэлээбитэ. Хомуллубут үбү барытын Таатта улууһун социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Изабелла Сивцеваҕа туттардыбыт”, — диэн бэлиэтээтэ Саха тыйаатырын артыыһа Иннокентий Луковцев.

Кэнсиэргэ ырыаһыттар Павел Семенов, Сахаайа, Александра Алексеева, Николай Попов уо.д.а кытыннылар. “Мясной двор” маҕаһыыннар Харбалаах уонна Чымнаайы сэлиэнньэлэригэр 200 тыһыынча солкуобайы көмөлөстүлэр.

Ольга Старостина.

This post was published on 14.06.2018 16:09 16:09