Игорь Юргин: «Мин олус үөрэбин уонна киэн туттабын, Бэрэсидьиэммэр итэҕэйэбин»

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бэрэсидьиэн Владимир Путин алта сыллаах болдьоххо дуоһунаһыгар киирэр сиэрэ-туома буолла. Кини норуотун иннигэр андаҕар биэрэн баран бар дьонугар санаатын эттэ, махтанна. Онно байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар махтанарын, кинилэр дьиҥнээх дьоруойдар буолалларын бэлиэтээн эттэ.

Арассыыйа Дьоруойа, штурмовой  этэрээт хамандыыра, майор Игорь Юргин санаатын үллэһиннэ:

— Бүгүн сырдык, бэлиэ күн – биһиги талбыт Бэрэсидьиэммит Владимир Путин инаугурацията. Кини бүгүн дойдуну салайар дуоһунаһыгар киирдэ. Мин тус бэйэм киниэхэ куоластаабытым уонна этэрээтим киниэхэ куоластаабыттарын сүүс бырыһыан билэбин.

Инаугурация диэн миэхэ, офицер киһиэхэ, үрдүк суолталаах, дьоммут иннигэр андаҕар. Биһиэхэ байыаннайдарга бу олус улахан суолталаах, тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ биһиги дойдубут Сэбилэниилээх Күүстэрин Үрдүкү Главнокомандующайдара буолар. Мин олус үөрэбин уонна киэн туттабын, Бэрэсидьиэммэр итэҕэйэбин. Кини дойдубутун сылтан сыл сайыннаран, үөһэ таһаарда.

Дойдубутугар норуот хаһаайыстыбата, экэнэмиэкэ, култуура, успуорт бары эйгэтэ салгыы сайдыа уонна биһигини дьоллоох олох күүтэр, биһиги эйэлээх олох туһугар үлэлиибит, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 08.05.2024 12:01 12:01