Өрөспүүбүлүкэ 18 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕо Саха сирин сиригэр-уотугар «уһук илиҥҥи» гектары ылар туһунан сайаапка киллэрдэ. Бу туһунан СИА-ҕа баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэ иһитиннэрдэ.
«Бэс ыйын 8 күнүнэҕи туругунан, боломуочуйалаах уоргаттарга 17832 сайабылыанньа Саха сири олохтоохторуттан киирдэ. Кинилэр бэйэлэрин дойдуларыгар босхо сир ылыахтарын баҕараллар. Онтон билигин 18015 сайаапка буолла«, — диир министиэристибэ сир сыһыаннаһыыларыгар департаменын салайааччыта Анастасия Николаева.
«Уһук илиҥҥи» гектар туһунан сокуон үс түһүмэҕинэн олоххо киирдэ: 2016 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн босхо сир ылыыта Уһук Илин субъектарын «пилотнай» оройуоннарыгар, онно олохтоох дьоҥҥо көҥүллэммитэ, салгыы 2016 сыл алтынньы 1-тыттан уһук илиҥҥилэр бэйэлэрин субъектарыгар сири ылалларыгар кыах бэриллибитэ, онтон 2017 сыл олунньу 1 чыыһылатыттан «уһук илиҥҥи» гектар Россия бары олохтоохторугар арыллыбыта.
Уһук Илиҥҥэ киһи хапытаалын сайыннарыыга Агентство СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ 91,5 тыһыынчаттан тахса киһи сайаапка биэрбит. 18 тыһыынчаттан тахса гектар бэриллибит, сотору кэминэн өссө 10 тыһыынча киһи сирин ылыа.
Сайаапкалаахтар ортолоругар Россия регионнарыттан барытыттан бааллар. Саамай көхтөөхтөр — уһук илиннэр. Дойду атын субъектарын ортотугар лидердарынан Москва, Санкт-Петербург, Краснодарскай кыраай уонна Свердловскай уобалас буолбуттар. Уһук Илиҥҥэ баар сир 23% үллэриигэ көҥүллээх.
12 тыһыынчаттан тахса сайаапка кэлэктиибинэй, онон сотору кэминэн саҥа нэһилиэнньэлээх пууннар баар буолуохтара. Российскай Федерацияҕа Уһук Илини сайыннарыыга миниистир Александр Галушка быһаарыытынан, бөлөҕүнэн сайаапкалаахтар инфраструктуранан хааччыйыыыга ордук өрө тутуллуохтара. Маннык нуорманы сокуоҥҥа киллэрэн биэриэхтэрэ.
Саамай дьон көрдүүр сирдэринэн — Приморье, Саха сирэ уонна Хабаровскай кыраай гектардара буолаллар.
Босхо учаастагы сүрүннээн дьиэ туттаары, тыа хаһаайыстыбатын тэринээри, саад-даача оҥостоору, туризмҥа, чэбдигирдэр кииннэри арынаары, предпринимательство хайысхатын олохтоору ылаллар.
Санатар эбит буоллахха, «уһук илиҥҥи» гектар туһунан Владивостокка буолбут МедиаСаммикка «Новая экономическая политика РФ на ДВ: первые итоги» диэн кэпсэтиигэ ырыппыттара. Дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутневка Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-киинтэн быһа холбонон ыйытыылары биэрбиттэрэ.
Александр Прокопьев, Елена Бочкарева уонна Яков Александров сиргэ докумуон оҥоруутун болдьоҕун уонна ылыллыбыт саҥа сиргэ инфраструктураны сайыннарыыны ыйыталаспыттара.
«Мин урут уруккуттан дьиэ туттар баҕа санаабын олоххо киллэрэрбэр кыах ыллым. Уһук Илиҥҥэ босхо сири түҥэтии — бу дойду салалтатын саамай кэмигэр уонна сөптөөх быһаарыыта буолар. Биллэн туран, дьон аан бастаан сири ыларыгар кыра ыарахаттар баар этилэр, ити эрээри ону тута туоратан иһиигэ олохтоох былаас туох баар сыратын ууран үлэлиир«, — диэн СИА-ҕа Александр Прокопьев бэйэтин санаатын тириэртэ.
Елена Бочкарева этэринэн, кини бэйэтин сиригэр эмиэ дьиэ туттар баҕалаах: «Бастаан сайаапка биэрэрбэр мунаарбытым. Онтон боломуочуйалаах уоргаҥҥа сылдьан, быһаартаран баран, сайаапкабын биэрбитим. Билигин учаастакпар тиийэн көрөн баран, бүтэһик саарбаҕалааһыным барыта суох буолла«.