Саха сирин олохтоохторутта чэпчэтиилээх ипотеканан туһаныыга уопсайа 800 мөл солк суумаҕа сайаапка киирбит. Ол туһунан Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн кэпсэтии кэмигэр эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ хас да ыал чэпчэтиилээх ипотеканан туһаныыга сайаапкаларыгар бигэргэтии ылла. Саха сириттэн 100-тэн тахса сайаапка киирдэ. Уопсай суумата 800 мөл солк кэриҥэ диэн исписэлиистэр иһитиннэрдилэр. Онтон Уһук Илин регионыгар бу суума миллиардынан ааҕыллар«, — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Бааннар барыллаан 200 мөл солк сайаапкалары бигэргэппиттэр. Владимир Путин биллэрбит эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыыга бырагырааматын элбэх киһи туһанарыгар эрэллээҕин аҕа баһылык эттэ.
«Биһиги бырагырааманы өйүүбүт. Дьокуускай куоракка эрэ буолбакка, муниципалитеттарга эмиэ бу хайысхаҕа күүстээх үлэ барыахтаах. Эдэр ыаллар чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаналларыгар күүстээх үлэ ыыталларыгар улуус баһылыктарын кытта көрсүһүүгэ тоһоҕолоон бэлиэтээбитим», — диэтэ Николаев.