Быйыл Саха сирин медицина тэрилтэлэригэр үс саҥа томограф үлэтин саҕалыаҕа. Биири өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһаҕа холбоотулар, иккиһи Орто Халыма киин балыыһатыгар таҥа сылдьаллар.
От уонна балаҕан ыйдарыгар онкология диспансерын саҥа эбийиэгэр үһүс аппарааты туруоруохтара. Бүтэһик 5 сылга медицина тэрилтэлэригэр 670-тан тахса оборудование туруорулунна, диэн иһитиннэрдэ доруобуйа харыстабылын министиэристибтэ. Бу экспертнай кылаастаах ультразвуковой диагностика аппараттара, цифровой эндоскопическай уонна рентгеновскай аппарааттар, реабилитационнай оборудование уонна да атыттар.
Медицина тэрилтэлэрин модернизациялааһын уонна саҥардыы Ил Дархан Айсен Николаев сорудахтарынан ыытыллар.