НВК САХА – Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум кэмигэр Россия Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэ стендэтигэр Саха сирин инвестициялыыр кыаҕын көрдөрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэ Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны, Жатай судоверфын уонна «Хотугу сулус» оҕо киинин киэҥ дьүүлгэ таһаарда.
«Саха сирин инвестициялыыр кыаҕа сүүнэ улахан. Биһиги экэниэмикэ саҥа сиэктэрдэрин арыйыы көмөтүнэн инвестицияны туһаныы кэриҥинэн кээмэйинэн улаатыннаран, Уһук Илин регионнарын кэккэтигэр бастакы миэстэҕэ сылдьабыт», —диир Ил Дархан.
2019 сылга өрөспүүбүлүкэ Россия регионнарын иһигэр инвестицины туһаныы кээмэйинэн 30 таһымынан иннин диэки сыҕарыйбыт (52-тэн 22-с миэстэҕэ). Манан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин уокуругун регионнара 2020 сылга диэри 30 бастыҥ иһигэр киириэхтээхтэрин туһунан соругун толордо.
«Биһиги билигин Россия тэтимнээхтик сайдар регионнарыттан биирдэстэрэ буолабыт. 2018 сылга өрөспүүбүлүкэ бырамыысалыннаһын оҥорон таһаарыытын кээмэйэ 8 %-нан үрдээтэ. 2019 сылга бастакы алта ый иһигэр бу көрдөрүү 10 %-нан эбилиннэ. Бу дойду үрдүнэн, билиҥҥи туругунан, саамай үчүгэй көрдөрүү буолар», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
2013 сылтан Саха сирин экэниэмикэтин таһыма 1.8 төгүл, онтон региоҥҥа киирэр инвестиция кээмэйэ икки төгүл эбиллибит диэн этиллэр.
Источник: http://nvk-online.ru