От ыйын бүтэһик күннэригэр Кэбээйи уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар хаар түстэ. ЯСИА-ҕа Кэбээйи улууһун Сэбээн-Күөлүн баһылыга Алёна Кривошапкина эппитинэн, ааспыт нэдиэлэ бүтэһигиттэн дьон оһоҕун оттор буолла, күн эрдэ салгын температурата нуулга чугаһаата.
«Хаар сэлиэнньэ хоту өттүгэр түстэ, онно таба ыстаадата баар. Бу куруук буолар көстүү, сылын аайы от ыйыгар хаар түһэр. Маннык күҥҥэ-дьылга бэлэммит. Сайынын оһох оттобут. Кыһын киин ититэр ситим үлэлиир. Быйыл сайын кураан, от ыйын саҥатыгар 30 кыраадыс итии турбута, оҕолор сөтүөлээбиттэрэ. Тымныылар бээтинсэттэн саҕаланнылар. Киэһэтин дьон сибэккитин дьиэҕэ киллэрэр, тоҥоруу түстэ. Бүгүн сарсыарда окко хаар сытар, билигин уулунна», — диэтэ баһылык.
Кэбээйи улууһугар хаар түһүүтүн видеоҕа Эдуард Ноговицын түһэрдэ, «Прогноз» Вертикальнай учаастагын үлэһитэ.
Маны сэргэ от ыйын бүтэһик күнүгэр көмнөх хаар Үөһээ Халыма Угольнинскай нэһилиэгэр түстэ, суруйда «Колымские новости» хаһыат.
Видеоплеер